Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар көрүллэр үбү улуустар бэйэлэрэ олохтуур, үллэрэр кыахтаннылар

Хаартыска: Улус.медиа саайт

Сыл түмүктэнэрэ чугаһаан, бу күннэргэ министиэристибэлэр-биэдэмэстибэлэр мунньахтара элбээтэ. Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ улуустар баһылыктарын, улуустардааҕы тыа хаһаайыстыбатын салалталарын салайааччыларын, исписэлиистэрин мунньан, судаарыстыба улуустарга уонна куораттарга биэрбит тыа хаһаайыстыбатын үлэтин өйүүр сорох боломуочуйаларын мэхэньиисимигэр уларытыылары киллэрбитин ырытыста, суруйда Улус.медиа саайт.

Министиэристибэ Ил Дархан Айсиэн Николаев Анал этиитигэр ыйыллыбыт соруктары олоххо киллэрэн, манна сыһыаннаах сокуон барылын оҥорон киллэрбитин  Ил Түмэн дьокутааттара бу дьыл сэтинньи 27 күнүгэр уочараттаах онус пленарнай мунньахха ылынан бигэргэппиттэрэ. Сокуоҥҥа уларытыы 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киириэхтээх. Ол гынан баран, билиҥҥэ диэри бэчээккэ биллэ илик, киэҥ билиигэ бу күннэргэ тахсара күүтүллэр.

Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Артем Александров үүнэр сыл олус эппиэтинэстээх буолуоҕун этэн туран, тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүҥҥэ төһө кээмэйдээх үбүлээһин көрүллүбүтүн билиһиннэрдэ. Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы судаарыстыбаннай бырагыраамата 15,3 млрд солкуобай харчынан үбүлэнэриттэн баһыйар өттө – 8,8 млрд солкуобай субвенция быһыытынан олохтоох салайыныы уорганнарыгар тиийиэҕэ. Ол аата быйылгы кээмэйтэн 13 бырыһыанынан элбэх үп.

Субвенция үбэ 34 улууска уонна 2 куораттааҕы уокурукка 14 хайысханан 3 тус сыаллаах ыстатыйанан ыытыллыа:

  1. Тыа хаһаайыстыбатын үлэтин чопчу хайысхаларын өйөөһүҥҥэ субвенция кээмэйэ;
  2. Кыра кыамталаах тыа хаһаайыстыбатын эбийиэктэрин тутууга (саҥалыы сөргүтүүгэ) субвенция кээмэйэ;
  3. Судаарыстыба сорох боломуочуйаларын толорууну матырыйаалынай-тэхиньиичэскэй өттүнэн хааччыйыыга, ону тэҥэ ыйыллыбыт боломуочуйалары толорор үлэһиттэр хамнастарыгар көрүллэр субвенция кээмэйэ.

Өйөнүллэр хайысхалар манныктар:

  • дьон кэтэх хаһаайыстыбаларыгар сүөһү ииттэллэрин өйөөһүн;
  • ынах сүөһүнү иитиини сайыннарыы;
  • сибиинньэни иитиини сайыннарыы;
  • сылгыны үөрдээн иитиини сайыннарыы;
  • дьиэ табатын иитиини сайыннарыы;
  • оҕуруот аһын үүннэриини сайыннарыы;
  • хортуоппуй үүннэриини сайыннарыы;
  • бурдугу үүннэриини сайыннарыы;
  • үүтү оҥорон уонна астаан таһаарыыны хааччыйыы;
  • ынах сүөһү этин оҥорон уонна астаан таһаарыыны хааччыйыы;
  • сылгы (убаһа) этин оҥорон уонна астаан таһаарыыны хааччыйыы;
  • хортуоппуйу үүннэриини уонна тутууну (соҕотуопкалааһыны) хааччыйыы;
  • оҕуруот аһын үүннэриини уонна тутууну хааччыйыы;
  • бурдугу үүннэриини уонна тутууну хааччыйыы.

Өйөбүл мэхэньиисимин уларытар сокуон барылын дьүүллэһии хаамыытыгар киирбит этиилэри ырытыы-илдьиритии түмүгэр маннык тутаах түгэннэр аахсыллыбыттар:

  1. Тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр көрүллүбүт субвенция ыйыллыбыт хайысхаларга биир тус сыаллаах ыстатыйанан ыытыллыахтааҕа;
  2. Улуустар уонна куораттааҕы уокуруктар өрө тутар, чорботор хайысхаларынан субсидияны бэйэлэрэ көрөн талалларыгар кыах бэриллиэхтээҕэ;
  3. Өйөбүл чорботуллубут хайысхаларыгар ыстаапканы уонна субсидия ылааччылар категорияларын бигэргэтиэхтээхтэрэ;
  4. Кыра кыамталаах тыа хаһаайыстыбатын эбийиэктэрин тутууга үбү угуу боломуочуйатын сорҕото 15-с хайысханан бэриллиэхтээҕэ.

Маннык уларытыылар киллэриллибиттэрэ олохтоох салайыныы уорганнара – улуустар уонна куораттааҕы уокуруктар өрөспүүбүлүкэ хааһынатыттан тиксэриллибит субвенция кээмэйин бэйэлэрин көрүүлэринэн өрө тутар хайысхаларыгар үбү тыыран биэрэллэригэр тирэх буолуохтара саарбахтаммат. Холобур, кэтэх хаһаайыстыбалаах ыал ынаҕын төбөтүгэр көрөр оннугар үүтү туттарыыга угуохха, ону тэҥэ ордубут харчыны хайысхаларынан үллэриэххэ сөп. Иккиһинэн, улуус сирин-уотун, айылҕатын уонна тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар уратытын аахсан, субсидия ыстаапкатын кээмэйин бэйэтэ быһан олохтуур кыахтанар.

Ааптар: Василий Никифоров

This post was published on 10.12.2024 12:01 12:01