Тыа хаһаайыстыбатын саҥа мэхэниисимнэрэ саҥа дьылтан үлэлиэхтэрэ

Саҥа дьылтан үүккэ уонна ыанньык төбөтүгэр көрүллэр субсидиялар саҥа мэхэньиисимнэрэ үлэҕэ киириэ. Маныаха көрүллэр үп кээмэйэ 2,8 млрд солкуобайтан 4,1-гэ диэри үрдүөҕэ.


«2020 сылга үүт атыытыгар көрүллэр субсидияҕа 2.8 млрд солкуобай көрүллүбүтэ. Эһиил ити сыалга 4,115 млрд солкуобайы көрүөхпүт. Харчыны тыа сирин олохтоохторо, сүөһүлээх дьон ылыахтара», — диир баһылык.

Кэтэх хаһаайыстыбалаах дьоҥҥо ыанньык төбөтүн аайы 35 тыһ солкуобайы көрүөхтэрэ, эбэтэр үүттэрин 60 солкуобайга туттарыахтара. Итинтэн 50 солкуобайын өрөспүүбүлүкэ уйунуо, 10-нун соҕотуопкалааччы.

Ил Дархан кэтэх хаһаайыстыбалаахтар кыттыһан кооператив тэриниэхтэрин сөбүн эттэ.

Мэхэниисим тохсунньу 1 күнүттэн үлэлээн саҕалыа.

This post was published on 23.12.2020 18:06 18:06