«Ааспыт сыл түмүгүнэн үүтү оҥорон таһаарыыга уонна сүөһү төбөтүн ахсаанын элбэтиигэ субсидия 7 миллиард солк тэҥнэспитэ», — санатта салайааччы.
Тыа хаһаайыстыбатыгар саамай сүрүн соругунан, Сергей Местников этэринэн, нэһилиэнньэни хаачыстыбалаах олохтоох аһынан хааччыйыы буолар.
«Саха сирин хас биирдии олохтооҕун остуолугар олохтоох бородууксуйа баар буолуохтаах. Ил Дархан ааспыт сылга 2030 сылга диэри үлэ хайысхатын быһаарар ыйаахха илии баттаабыта. Амбициознай сыал турар – олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарыы балтараа төгүл элбиэхтээх. Бу сыал туоларыгар биһиги үлэни хайысхалыыбыт», — диэтэ Сергей Местников.