Саха сиригэр сүөһү иитэр, бурдугу харайар комплекстары көтөр иитэр фабрикаларын саҥардыыга быйыл 1 млрд солк. тахса үп көрүллүннэ. Бу туһунан Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов SakhaGov социальнай ситимин быһа биэриитигэр иһитиннэрдэ СИА кэпсиир.
Үбүлээһини Агропромышленнай комплексы сайыннарыы пуондатыттан көрдүлэр, диэн миниистир чуолкайдаата. 2022 сылга Саха Республикатын аҕа баһылыгын уурааҕынан ылыммыт тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы стратегическай хайысхаларын соруктарын ситиһэр сыалтан 13 млрд солк. тахса үп көрүллүбүтэ, ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн 650 мөл. солк. кэриҥэ.
Миниистир чуолкайдаабытынан, ити үп тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччуларын дохуоттарын үрдэтиигэ, нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун таһымын үрдэтиигэ туһаайыллар.
This post was published on 13.05.2022 16:03 16:03