Ил Дархан атырдьах ыйын 5 күнүгэр улуус баһылыктарын кытары видео-сибээс мунньаҕар тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларын өйүүр сокуоҥҥа субвенция тыырыытыгар уларытыы киллэрэр сокуон барылын дьон дьүүлүгэр күүскэ таһааран, этиилэри истиэххэ наадатын эппитэ. Уларыйыы тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларыгар көрүллэр субвенцияны аҥардыыр сыаллаах: ороскуоту толуйуу (компенсирующая) уонна көҕүлүүр (стимулирующая) диэн Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Ил Дархан миэстэтигэр дьон сокуон барылын күүскэ ырытан, этии киллэрэрэ буоллар диир.
Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов субвенция ороскуоту толуйуу чааһа кэтэх хаһаайыстыбалаах дьоҥҥо биир ынах төбөтүгэр 35 000 солкуобайы көрөрү этэр. Тэрээһиннээх уонна хоту, промышленнай улуустар сүөһү көрөр хаһаайыстыбаларыгар, сибиинньэ, сылгы тутар хаһаайыстыбаларга көрүллэр субсидия оннунан хаалар. Хортуоппуйу, оҕуруот аһын, бурдугу ыһыы үлэтигэр субсидия көрүллүө.
Субвенция көҕүлүүр чааһа табаарынай оҥорон таһаарыы үрдүүрүгэр көмөлөһөр аналлаах. Тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга үүт атыытыгар субсидия 1 киилэтигэр 50 солкуобай буолуо. Маныаха улуустарга субсидия харчытын ханна ыытарга уонна ставка кээмэйин олохтуурга быраап бэриллиэ диир, Александр Атласов.
Сокуон туолууутугар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 2021 сылга 6 млрд 178 мөл солк. көрүллүөҕэ, бу быйылгы үптэн 1 млрд 839 мөлүйүөнүнэн элбэх.
Сиһилии манна аах https://ysia.ru/subventsiyu-na-podderzhku-selhozproizvodstva-yakutii-predlagayut-razdelit-na-kompensiruyushhuyu-i-stimuliruyushhuyu-chasti/
This post was published on 07.08.2020 14:09 14:09