Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ уонна «Россельхозбаан» АУо эрэгийиэннээҕи салаата сөбүлэһии түһэристилэр. edersaas.ru суруйар.
Сөбүлэһиигэ тыа сиригэр олорор дьиэни тутарга эбэтэр атыылаһарга бэриллибит ипотека кирэдьиитигэр, ситэ ылыллыбатах дохуоту толуйарга өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн эбии субсидияны көрөр туһунан этилиннэ. Эбии үбү көрүү, тыа сирин олохтоохторугар чэпчэтиилээх (страховкалаах буоллахха – 1,7 %-наах, страховката суох түбэлтэҕэ – 2 %-наах) ыстаапканан ипотека кирэдьиитин ылан дьиэ-уот тутталларыгар эбэтэр атыылаһалларыгар тирэх буолуоҕа.
Көмө бу хайысхата «Тыа сирин территорияларын кэлим сайдыыта» судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн оҥоһуллар.
«Россельхозбаан» АУо уонна Арассыыйа Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ чэпчэтиилээх ыстаапкалаах кирэдьииккэ эбии лимиити көрдөхтөрүнэ, тыа сирин дьонун олорор усулуобуйаларын тупсарыыга туһуламмыт бырагыраама үлэтин саҕалыаҕа.
Александр Атласов, тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ:
— Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин 34 %-на тыа сиригэр олорор буолан, «Тыа сирин территорияларын кэлим сайдыыта» судаарыстыбаннай бырагырааманы олоххо киллэрии биһиги эрэгийиэммитигэр улахан стратегическай суолталаах. Биһиги судаарыстыбабыт тыа сирин бигэтик сайыннарыыга бары табыгастаах усулубуойаны тэрийэр, ол иһигэр тыа сирин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар толору хааччыллыылаах олорор дьиэлэри тутууну кэҥэтэр, элбэтэр соругу туруорар. Онно тирэх буолар дьаһаллары ылыныы, ол иһигэр бииргэ үлэлээһиҥҥэ сөбүлэһиилэри түһэрсии, бастатан туран, тыа сирин олохтоохторугар тупсаҕай дьиэни-уоту тутууга ипотека тиһилэҥнээх буоларын хааччыйаллар.
Василий Тимофеев, «Россельхозбаан» АУо эрэгийиэннээҕи салаатын салайааччы:
— «Россельхозбаан» АУо тыа сирин территорияларын сайыннарыыга, судаарыстыбаннай бырагыраамалары олоххо киллэриигэ сүрүн төһүү буолар. Биһиги ипотека бары чэпчэтиилээх бырагыраамаларынан үлэлиибит, онон бу сөбүлэһиигэ килэриллибит хайысхаларынан тэриллэр үлэ көдьүүстээх буолуоҕа диэн эрэнэбит.
This post was published on 02.07.2020 14:02 14:02