Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар кооперативтар хотон, оҕуруот аһын харайар эбийиэги уонна сайылык тутуутугар, модернизациялааһыҥҥа ороскуоттарын сорҕотун туһааннаах министиэристибэ бырагыраама быһыытынан уйунар. Субсидия биэриитэ анал балаһыанньанан ыытыллар.
Кооперативтар докумуоннарын кулун тутар 13 — муус устар 7 күннэригэр туттаралларын биэдэмистибэ иһитиннэрэр. Аадырыстара: Дьокуускай куорат, Курашов уулуссатын 28 нүөмэрдээх дьиэтэ, 212 кабинет. Бириэмэтэ 9.00 ч. — 18.00 ч., эбиэккэ тохтобул 13.00 ч. — 14.00 ч.
Электроннай почта: minselhoz@sakha.gov.ru. Билсэр төлөпүөҥҥүт: 506668.
Докумуоннар бланкаларын министиэристибэттэн тус кэлэн эбэтэр официальнай сайтарыгар киирэн хачайдаан ылыахха сөп, диэн суруйда тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата.
This post was published on 10.03.2023 10:01 10:01