Саха сирин Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, пиэрмэрдэри уонна тыа сирин сайыннарыы систиэмэтин чэрчитинэн, тыа хаһаайыстыбатын холбоһуктаах потребительскай кээпэрэтииптэргэ ороскуоттарын төннөрөр субсидияҕа куонкурус биллэрдэ диэн СИА кэпсиир.
«Билиҥҥи туругунан Саха сиригэр барыта 226 тыа хаһаайыстыбатын холбоһуктаах потребительскай кээпэрэтиибэ баар. Үксүгэр, бары тиэхиникэ эбэтэр анал тэрил атыылаһарга бараммыт үбү төннөрө сатыыллар. Судаарыстыба биир ТХПК-ҕа саамай элбээбитэ 10 мөл. солк. төннөрөр, онуоха бу сууманы хайаан даҕаны быйыл туттубут буолуохтаахтар. 2023 сылга бу хайысхаҕа барыта 83 мөл. солкуобай көрүллүбүтэ, онтон 58,5 мөл. солкуобайы ТХПК-лар маҥнайгы сайаапка хомуйуутугар туһаммыттара, хаалбыт 24,6 мөл. үллэрэргэ сайаапкалары бэс ыйын 12 күнүттэн хомуйуохпут «, — диэн Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сүөһү иитиитигэр уонна племенной дьыалаҕа департаменын салайааччытын солбуйааччыта Айал Тимофеев иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, субсидия маҥнайгы куонкуруһугар барыта 42 сайаапка киирбитэ, мантан 26 ТХПК-ҕа — 58,5 мөл. солкуобайы судаарыстыба төннөрүөҕэ. Хаалбыт 24,6 мөл. солк. үллэрэргэ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ эбии куонкурус биллэрэр.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ сайаапкалары уонна докумуоннары 2023 сыл бэс ыйын 12 күнүттэн 22-гэр диэри Дьокуускай куорат Курашов аатынан уул. 28, 212 №-дээх кабинекка, үлэ чааһын кэмигэр (9:00-18:00 ч) туталлар.