Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр «Правовые основы создания и деятельности крестьянского (фермерского) хозяйства» икки күннээх сэминээр саҕаланна. Кыттыан баҕалаахтар сайаапкалара элбэҕинэн, бу хайысхаҕа интэриэс улахан диэн тэрийээччилэр эттилэр.
Сэминээргэ онлайн кыттыы көрүҥэ эмиэ баар: https://vc.rcitsakha.ru/live/croapk.
Бу күн индивидуальнай предпринимателлэр, бааһынай хаһаайыстыбалар баһылыктара, нэһилиэктэр тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ, кэтэх хаһаайыстыбалаахтар, тыа сиригэр бизнес тэриниэн баҕалаахтар бары кытталлара көҥүл. Кинилэр олунньу 20 — 21 күннэригэр сокуоннарга саҥа киирбит уларыйыылары истиэхтэрэ, ыйытыыларын биэриэхтэрэ, сүбэлэри ылыахтара.
Сэминээргэ бааһынай хаһаайыстыбаны тэрийии, АПК өйүүр механизмнар уонна инструменнар, ол иһигэр «Агростартап» уонна «Дьиэ кэргэн фермата» граннарга уларыйыылар, бизнес-былааны оҥоруу курдук боппуруостар көрүллүөхтэрэ.
Тэрийээччилэринэн Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, Агропромышленнай комплексы ресурснай хааччыйыы киинэ, Кемеровскай уобаластан бухгалтерскай учуот уонна экспертиза киинэ буолаллар.
This post was published on 20.02.2024 10:01 10:01