Российскай Федерация бырабыыталыстыбатын 2023 сыл алтынньы 25 күнүнээҕи 1782 №-дээх “Об утверждении общих требований к нормативным правовым актам, муниципальным правовым актам, регулирующим предоставление из бюджетов субъектов Российской Федерации, местных бюджетов субсидий, в том числе грантов в форме субсидий, юридическим лицам, индивидуальным предпринимателям, а также физическим лицам – производителям товаров, работ, услуг и проведение отборов получателей указанных субсидий, в том числе грантов в форме субсидий” уурааҕар олоҕуран, 2024 сылтан саҕалаан, тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларыгар көрүллэр туох баар судаарыстыбаннай бырагыраамаларынан ыытыллар куонкурустарга “ЭЛЕКТРОННЫЙ БЮДЖЕТ” диэн биир кэлим систиэмэнэн үлэлиир булгуччулаах.
Ол эбэтэр, холобур “Агростартап” куонкурсугар кыттааччы “Электронный бюджет” (ЭБ) порталга регистрацияланан сайаапкатын биэрэр. Быйылгы куонкурустар сайаапкаларын урукку курдук кумааҕынан илдьэн туттарбаккын.
Кулун тутар 19 күнүгэр бу тиэмэнэн Липецк куораттан, “Народная школа кооперации” салайааччыта Анатолий Коротаев семинар оҥордо. Кини систиэмэҕэ тус сирэйгэ регистрацияны (физлицо, юрлицо) ааһыыттан саҕалаан, хайдах сайаапканы оҥорон, ЭЦП-нан баттаан ыытар туһунан инструкцияны кэпсээтэ.
Аны туран, холобур, куонкуруска кыайар түгэҥҥэр, аны бу “Электроннай бюджет” порталынан отчуоккун оҥороҕун. Хонтуруолланар түһүмэҕиҥ эмиэ манна баар. “Госуслуги” порталы кытта ыкса сибээстээх. Онон биирдэ-иккитэ практикаланнахха, олус табыгастаах систиэмэ эбит диэн пиэрмэрдэр санааларын эттилэр.
This post was published on 20.03.2024 12:01 12:01