Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыытын иэнэ эбиллэр

Саха сиригэр төрдүс сылын тыа хаһаайыстыбатын валовай бородууксуйатын иэнэ эбиллэр. Нэһилиэнньэ этинэн, үүтүнэн, сымыытынан хааччыллыыта улаатта.  Бу туһунан экономика миниистирэ Майя Данилова Ил Түмэҥҥэ мунньах кэмигэр эттэ, суруйар СИА.


«2020 сылга өрөспүүбүлүкэ баһылыгын тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар ыйааҕын туолуута салҕанна. Валовай бородууксуйа иэнэ улаатар, 2020 сылга бу көрдөрүү 0,6% тэҥ, сыананан быһаардахха. 2019 сылга нэһилиэнньэ этинэн хааччыллыыта 27,2%, үүтүнэн — 57,6%, сымыытынан — 59% эбилиннэ», — диэтэ Майя Данилова.

This post was published on 21.06.2021 15:01 15:01