Бүгүн Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйүгэр уонна өрөспүүбүлүкэҕэ «Ийэ сыла» биллэриллбитигэр аналлаах Саха сирин дьахталларын ХV съеһин уонна Уһук Илин уокурук дьахталларын форумун чэрчитинэн, “Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга уонна чөл олоҕу тутуһууга — дьахтар оруола» диэн ааттаах сессия буолан ааста.
Сессияны Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иилээн-саҕалаан тэрийдэ. «Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга уонна чөл олоҕу тутуһууга дьахтар оруола» диэн маҥнайгы дакылааты миниистир солбуйааччыта Артем Александров аахта.
“Бастатан туран, кэлэн иһэр сааскы маҥнайгы бырааһынньыгынан манна мустубут уонна истэ олорор кэрэ аҥаардары барыларын эҕэрдэлиибин”, — диэн Артем Александров дакылаатын эҕэрдэнэн саҕалаата. «2011 сыллаахха ас-үөл уонна тыа хаһаайыстыбатыгар ООН тэрилтэтэ “дьахталлар тыа хаһаайыстыбатыгар. Гендернэй уратыны суох гыныы” диэн туспа дакылааты бэлэмнээн турардаахтар. Бу дакылаакка гендернэй ураты суох буолара тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар көмөлөһөрүн дакаастыыллар», миниистири солбуйааччы дакылаатын салҕаата.
Росстат дааннайынан, 35 мөл. Арассыыйа дьахталларыттан 4 бырыһыана, ол эбэтэр 1,4 мөл. дьахтар тыа хаһаайыстыбатыгар дьарыктанар.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин үлэһиттэрин 37 бырыһыана дьахтар, ол эбэтэр 2280 киһи. Онуоха салайар дуоһунаска үлэлиир дьахталлар ахсааннара быдан кыра: 122 дьахтар, ол эбэтэр салайааччылар уопсай ахсааннарыттан 22 бырыһыаннара.
2 тыһыынча үлэлии сылдьар фермертэн 21 бырыһыана, ол эбэтэр 429-һа дьахтар буолар.
Салгыы Анжела Скрипкараш «АИС ЭВЕНТ» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ уонна тэрийээччитэ, «Агробизнес» Ассоциация бэрэссэдээтэлэ «Дьахталлар алын уонна орто бизнес АПК секторын сайыннарыыга оруоллара» диэн дакылаатын билиһиннэрдэ. «Эр киһи сүрүн үлэни кыайа тутар да буоллаҕына, ахсаан-суот, бухгалтерия өттүн дьахтар дьаһайара ордук», — диэн санаатын үллэһиннэ.
Аччыгый хаһаайыстыбалары өйүүр миэрэлэр туһунан Сүөһү иитиитин, племенной дьыала, кооперация уонна дьоҕус хаһаайыстыба департаменын салайааччытын солбуйааччы Айаал Тимофеев билиһиннэрдэ.
«Тыа сирэ омук кэскилэ диэн мээнэҕэ эппэттэр, онтон тыа сиригэр сүрүн салаанан тыа хаһаайыстыбата буолар, бу салаа хайдах тэринэн олороруттан тыа сирин олоҕо-дьаһаҕа улахан тутулуктаах», — диэн Таисия Десяткина Мэҥэ-Хаҥалас улууһун СХПК «Тумул» салайааччыта уопутун үллэстэр дакылаатын саҕалааһыныгар чопчулаата.
СХПК «Тумул» 1996 сыллаахха совхозтан арахсыахтан туспа производственнай кооператив быһыытынан үлэлээн олороллор.
«1995 сыллаахтан ынах сүөһүгэ племенной хаһаайыстыба, 1999 сыллаахтан бурдук хаһаайыстыбатын ситимигэр киирэн сүрүннээн бу хайысхаларга үлэлэһэбит. Сыллата 500 тн. үүтү, 40-45 тн. эти туттарабыт, 680 гектарга бурдук ыһан сыл аайы 500 – 600 тн. бурдугу хомуйабыт, нэһилиэнньэҕэ уонна республика атын хаһаайыстыбаларыгар элбэх племенной сүөһүнү атыылаатыбыт«, — диир уопуттаах салайааччы.
Хас биирдии сессия кыттыылаахтара бэйэлэрин көрүүлэрин, ситиһиилэрин, уопуттарын атастасылар, санааларын үллэһиннилэр, тыын боппуруостарын киэҥ көрүүгэ таһаардылар. Холобур, Бүлүү улууһун Кыаданда сэлиэнньэтиттэн сылдьар Айталина Томская «Агростартап» курдук грант куонкурсугар кыра нэһилиэктэртэн сылдьар фермердэри өйүүллэрэ буоллар диэн баҕа санаалаах. «Кыра нэһилиэктэр эстэн хаалар кутталлаахтар, ол иһин сайдыы барарын туһугар кинилэри өйүүр тоҕоостоох дии саныыбын».
Амма улууһуттан төрүттээх, элбэх оҕолоох ийэ Анастасия Кайдалова «биһиги курдук семейнэй фермалаах уонна агротуризмынан дьарыктанар хаһаайыстыбаларга үүппүтүн уонна эппитин, маны таһынан дикорос переработкалыыр миницехтары туттан үлэлэтэрбитин көҥүллүүргүтүгэр көрдөһөбүт», диэн этиитин киллэрдэ. Этиллибит санаа, ыйытыы барыта олоххо киириэ диэн эрэнэбит. Чахчытын даҕаны, дьахтар оруола тыа хаһаайыстыбатыгар сүҥкэн суолталаах.
This post was published on 03.03.2022 18:10 18:10