Саха сиригэр элбэх үүт кэмэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ 24 909 туонна үүт туттарылынна, бу 2024 сыллааҕы былаантан 45%-на.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр эппиттэринэн, ааспыт сыллааҕыны кытта тэҥнээтэххэ бу көрдөрүү 10% элбэх. Сунтаар, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Ньурба, Нам улуустарын оҥорон таһаарааччылара лидердииллэр.
Дьокуускайга уонна 20 улууска үүтү туттарыы 44 соҕотуопкалыыр тэрилтэҕэ ыытыллар. Субвенция 68% муниципальнай тэриллиигэ ыытыллан турар, ол иһигэр Нам уонна Өлүөхүмэ улуустара 80% ыллылар. Улуустарга барыта 2 млрд 430 тыһ солк ыытылынна.
Үүккэ былаан быйыл 54 924 туонна.
This post was published on 11.07.2024 15:01 15:01