Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин ыксаллаах быһыыга-майгыга салаатын салайааччыта Виталий Никитин Ньурба уонна Сунтаар улуустарыгар, Томпоҕо, Намҥа үлэлээтэ. Кини өрөспүүбүлүкэ үс улууһугар 38 км кэриҥэ уһуннаах күрүө уонна түөрт улууска 463,7 туонна кур от уокка былдьаммыттарын этэр. Бу туһунан https://www.instagram.com/p/CSGqvmdsOZU/ суруйар.
«Күрүөҕэ саамай элбэх сүтүктээхтэр – сунтаардар. Бу улууска 25 км усталаах күрүө умайбыт. Ньурбаҕа 8,46, Томпо Кириэс Халдьаайытыгар 4,5 килэмиэтирдээх күрүө-бүтэй туһаттан таҕыста. Кур оттон Ньурбаҕа 314,7, Сунтаарга 125 туонналыыны былдьаттылар. Намҥа 20, Томпоҕо 4 туонна от күл-көмөр буолла. Инньэ гынан, Ньурбалаах Сунтаарга кур окко 1 мөл. 207 тыһ. солк., күрүөҕэ 436,5 тыһ. солк. суумалаах хоромньуну көрсүбүттэрин аахтыбыт. Томпону, Намы киллэрэн туран, барыллаан ааҕыынан, хоромньу бүттүүн кээмэйэ 1,7 мөл. солкуобайтан тахсара сабаҕаланар», — диир Виталий Никитин.
«Бу испииһэккэ биирдиилээн ыаллар хоромньулара киллэриллибэтэ, тоҕо диэтэххэ, көмө чопчу тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга (бааһынайдарга, кэпэрэтииптэргэ) эрэ оҥоһуллар. Манна даҕатан эттэххэ, ыаллар халаан уутугар оҕуруоттарын аһа, хортуоппуйдара эмсэҕэлээбит уонна сүөһүлэрэ-сылгылара былдьаммыт буоллаҕына биирдэ хоромньуларын толуйууга көмө ылаллар», — диэн эбэн эттэ Никитин.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ Ил Дархан аатыттан дойду бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлигэр Михаил Мишустиҥҥа көмөнү суһалсытарга көрдөһөн сурук ыыппыт.
This post was published on 04.08.2021 17:01 17:01