Тыа хаһаайыстыбатыгар оҥорон таһаарыыга чэпчэтиилээх кирэдьииккэ субсидияны туһанааччылар ахсынньы 1 күнүттэн сыллааҕы дохуоттарын уопсай кээмэйэ 120 мөл солк.-тан 200 мөл солк диэри улаатыаҕа.
Бырабыыталыстыба тыа хаһаайыстыбатыгар бородууксуйаны оҥорон таһаарар тэрилтэлэргэ, предпринимателлэргэ бэриллэр чэпчэтиилээх кирэдьииккэ субсидия усулуобуйатын уларытар.
120 мөл солк-тан 200 мөл солк диэри сыллааҕы уопсай дохуоттарын кээмэйэ улаатта. Маны сэргэ сыллааҕы үбүлээһин бүтэһик тириэрдиитэ уонна ааҕыныы-суоттаныы ахсынньы 30 күнүнэн быһыллар. Эрдэ бу ирдэбил ахсынньы 15 күнүгэр буолара.
This post was published on 30.11.2020 12:01 12:01