Тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир дьон социальнай өйөбүллэрин туһунан депутаттар кэпсэттилэр

Өрөспүүбүлүкэ парламеныгар агропромышленнай комплекска үлэ күүһүн чиҥэтии уонна үөрэхтээх кадрынан хааччыйыы боппуруостарын дьүүллэстилэр. Депутаттар санааларынан, бу эйгэҕэ үлэлиир дьоҥҥо социальнай көмүскэл баар, ити эрээри өссө күүскэ дьайымтыалаах буолара наада. 


«Тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэлиир дьон усулуобуйатын тэрийиигэ улахан былааннаах, ситимнээх үлэ барыахтаах. Ыччаты АПК-ҕа сыһыарыыга кыһалҕалар бааллар», — диэтэ Ил Түмэн тустаах кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин.

Дьон тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэлиэн баҕарбатын сүрүн биричиинэтинэн кыра хамнас, уоппуска кэмигэр сынньана, эмтэнэ барыыга бырайыас төлөнүүтүгэр ыарахаттар, санаторийдарынан-курортарынан хааччыллыы таһыма намыһаҕа, кыра биэнсийэ ааттаннылар. Маны быһаарыыга үлэһит социальнай көмүскэлигэр боппуруостары, бастатан туран, быһаарыы этилиннэ.

Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарга, тыа сирин сайыннарарга өрөспүүбүлүкэҕэ бырагыраамалар үлэлииллэр. Социальнай эбийиэктэр, дьиэлэр тутулулаллар, инженернай инфраструктура оҥоһуллар, телекоммуникация сайдар, бу барыта тыа сиригэр дьону олохсутарга үгүс оруоллаах.

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Денис Белозеров АПК үлэһиттэригэр туһуламмыт хас да социальнай өйөбүлү эттэ. Санаторийдарга-курортарга сынньаныы, эдэр исписэлиистэр хамнастарыгар уонна үлэһиттэр олорор усулуобуйаларын тупсаралларыгар эбии төлөбүрдэр. Эр дьон 20, дьахтар 15 сыл табаһыттаабыт, чуумсуктаабыт, бултаабыт, сылгыһыттаабыт, балыктаабыт буоллаҕына социальнай төлөбүр көрүллэр. Үлэтэ уонна дьарыга суох дьон бэйэ дьыалатын тэринэр буоллахтарына биир кэмнээх үбүнэн көмөлөһүү оҥоһуллар.

Вице-премьер өрөспүүбүлүкэ сокуонугар санаторийдарга-курортарга эмтэнэ барааччыларга путевкаларын сыанатын 100 % толуйарга (билигин 20% путевканан туһанааччы бэйэтэ төлүүр), идэлэр бигэргэммит испииһэктэригэр саҥалары эбэн биэрэри эбэн эттэ. Билигин Саха сирин баһылыгын «Эдэр исписэлиистэргэ эбии төлөбүрү 1,5 төгүл улаатыннарар туһунан» ыйааҕа оҥоһуллан сөбүлэҥҥэ сытар.

This post was published on 19.12.2019 11:13 11:13