Тыа хаһаайыстыбатыгар чэпчэтиилээх кирэдьииттээһин бырагыраамата кэҥиир

Сыл иһигэр тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын атыытыттан 70%-тан итэҕэһэ суох дохуоттаах тэрилтэлэр итиэннэ биирдиилээн урбаанньыттар чэпчэтиилээх кирэдьиит ылыахтара. Маны сүрүннүүр сокуону Федерация Сэбиэтэ алтынньы 7 күнүнээҕи пленарнай мунньаҕар көрүө. Бу туһунан «Парламентская газета» суруйар.


Бырабыыталыстыба суруйбут докумуона чэпчэтиилээх кирэдьииттээһин бырагырааматын кэҥэтэр соруктаах. Сокуон олоххо киирдэҕинэ тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыытынан, батарыынан дьарыктанар тэрилтэлэр итиэннэ биирдиилээн урбаанньыттар чэпчэтиилээх кирэдьиити ылар буолуохтара. Маныаха фермер сыллааҕы дохуота бородууксуйатын атыытыттан 70%-тан итэҕэһэ суох буолуохтаах. Маны таһынан кирэдьиити тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытыгар инвестиционнай бырайыактары олоххо киллэрэр тэрилтэлэр итиэннэ урбаанньыттар ылыахтара.

Сиһилии манна аах https://ysia.ru/nachinayushhie-fermery-poluchat-lgotnye-kredity/

This post was published on 05.10.2020 13:01 13:01