Тыа хаһаайыстыбата. Субсидия

Сүөһү иитэр тыа дьонугар билигин өрө көтөҕүллүү тыына баар. Ол өйдөнөр. Сыл бүтүүтэ тахсыбыт субсидия саҥа көрүҥэ барыбытын да үөртэ. Уус Алдан Бороҕонугар олорор аҕам ыаллыы дьоно «хайа, Баһылай, көмө харчыбыт туһунан тугу иһиттиҥ? Сураҕа, кыччаппыттар үһү дии» диэн тохтоон ыйыталлар үһү. Бу курдук төһөлөөх элбэх киһи мунаахсыйа сылдьара буолуой? Иннэ-кэннэ биллэ илик сокуоммут бэрээдэгэ ахсынньы 30 күнүгэр тахсыбытын билиһиннэриим.


Субсидия хантан үбүлэнэр?

Көмө харчы өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн тыырыллар. Ил Дархан 2018 сыллаах анал суругар маннык этэн турардаах: “2024 сылга диэри тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыыта саҥа таһымҥа тахсыахтаах. Олохтоох бородууксуйа куһаҕан хаачыстыбалаах кэлии табаардары үтэйиэхтээх”. Ил Дархан соругун толорор сокуон быйыл үлэҕэ киириэҕэ.

Харчыны улуус дьаһалтата үллэрэр

Быйылгыттан муниципальнай тэриллиилэргэ харчыны тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр үллэрэр болумуочуйа бэрилиннэ. Бу иннинэ көмө харчы тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэригэр бэриллэр этэ. Ол эрээри, уопут көрдөрөрүнэн, бу тэрилтэлэр харчыны тустаах дьоҥҥо (үүт туттарар пиэрмэрдэргэ) тиэрдибэккэ, бэйэлэрин тус наадаларыгар, иэс-күүс сабыытыгар, тиэхиньикэ атыылаһыытыгар туттубут түгэннэрэ олус элбэх. Билигин харчы улуустарга түстэҕинэ, пиэрмэрдэр тута ылар кыахтаныахтара.

Төбөҕө 35 тыһыынча “па, дуо”

Ынах-сүөһү, сылгы, сибиинньэ иитэр дьоҥҥо билигин икки суол баар. Тус көмө хаһаайыстыбалаах (личное подсобное хозяйство) дьон ыанар ынаҕын, биэтин, ийэ сибиинньэтин хас биирдии төбөтүгэр 35 тыһыынча солкуобайы ылыан сөп. Ол аата, холобура, биэс ыанар ынахтаах киһи 175 тыһыынча суолкуобайы ылар. Ол оннугар үүтүн уон солкуобайтан саҕалаан туттарыан сөп. Үүт сыанатын тутааччыны кытта бэйэтэ быһаарсар. Эбэтэр ыабыт үүтүн бэйэтэ туттуон сөп. Сорох ардыгар, элбэх үүтү-эти туттарар сыалтан, дьон кэлии куурусса этин сиир, бороһуок үүтүнэн үүттэнэр, кэлии арыыны сиир түгэннэрэ баар буолааччы.

Эбэтэр кэпэрэтиипкэ киир

Субсидияны ылбаппын, аҥаардас үүт туттарыытыттан дохуот ылабын диир дьон, бааһынай хаһаайыстыбаҕа кубулуйан, эбэтэр, тэрээһиннээх хаһаайыстыбаҕа чилиэн буолуохтарын наада. Оччотугар үүтүн биир лиитирэтин 50 солкуобайга туттарар кыахтанар. Маны таһынан, оҥорон таһаарааччы 10 солкуобайы эбии төлүүр.

Тэрээһиннээх хаһаайыстыба 

«Хас да ыал биир тэрээһиннээх хаһаайыстыбаҕа түмсүөхтэрин сөп» диэн тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов этэр. Тус көмө хаһаайыстыбалар кэпэрэтииптэргэ холбонууларын бырассыаһа улуус тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын нөҥүө оҥоһуллуоҕа. Онон ынаххыт ахсааныттан көрөн, үчүгэйдик толкуйдаан, ырыҥалаан быһаарыныы ылыныҥ: тус көмө хаһаайыстыбата буоламмын, субсидияны туһанабын, эбэтэр, бааһынай хаһаайыстыбаҕа кубулуйаммын, саҥа сыананан үүт туттарабын.

Отчуот булгуччулаах

Бу харчы көмө быһыытынан бэриллэр буолан, сокуон этэринэн, туһаммыт киһи хайаан да сууматын туохха туттубутун отчуоттуохтаах. Субсидия тыа хаһаайыстыбатыгар эрэ туттуллуохтаах: хотон тутуутугар, саҥардыллыытыгар, тыа хаһаайыстыбатын кыылларын атыылаһарга, окко, сүөһү аһылыгар,  «Меркурий» систиэмэ төлөбүрүгэр. Онно хас биирдии чиэгэ, төлөөбүтүн эбэтэр өҥөнөн туһаммытын туоһулуур кумааҕылар баар буолаллара булчгуччулаах. Маны улуус тыатын хаһаайыстыбатын управлениетыгар биэрэҕит. Улуус министиэристибэҕэ ыйдааҕы, кыбаарталлааҕы, сыллааҕы отчуоттары туттарар. Кэлэр сыл тохсунньу ыйыгар диэри туһаныллыбатах, отчуоттамматах суума төттөрү төннөр. Аны субсидияны туһанан баран, сатаан отчуоттаабакка, төттөрү тиийбэт сууматын биэрии бырассыаһа баар буолуо, сууттаһыы о.д.а. Ол иһин, зуум нөҥүө онлайн да буоллун, илэ көрсөн да кэпсэтэн, министиэристибэ улуустарга нэһилиэктэргэ сырдатыы үлэтин ыытар. Ол кэнниттэн улуус дьаһалтата нэһилиэктэрин дьонугар тиэрдиэн наада. Маны таһынан, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр Ресурсанан хааччыйыы киинэ (Центр ресурсного обеспечения) үлэлиир. Кииҥҥэ өйдөммөтөх ыйытыыларгытын биэриэххитин сөп.

Эппиэтинэс уонна хонтуруол

Урукку курдук, кэпэрэтииптэр үүт харчытын сиэбит айдааннара тахсыбатын туһугар, муниципальнай тэриллиилэр эппиэтинэһи толору сүгэллэр. Үөһээ Бүлүү Ороһутугар бу сокуон номнуо олоххо киирдэ. Чааһынай дьон кэпэрэтиип нөҥүө үүттэрин туттаран эрэллэр. Улуус арыы сыаҕын саҥа дьиэтин туппута. Ыам ыйыгар үлэтин саҕалыаҕа. Ороһулар бастакы хамсаныыларын үтүө холобур оҥостон тыа сирин аграрийдара бу сылы үрдүк таһымнаахтык саҕалыаххыт диэн эрэллээхпит. Уопсайынан, бу сокуон тыа дьонун олоҕун атын таһымҥа таһаарыа диэн бэйэм суруналыыс быһыытынан этэбин.

This post was published on 14.01.2021 14:01 14:01