«Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын стратегическай хайысхаларын туһунан» Ил Дархан ыйааҕар туруоруллубут соруктары Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ толорор. 26,1 млрд. солк. суумалаах тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйата оҥоһуллубут. Инникитин «Биир кэлим субвенция» ырычааҕын ырытан оҥорор сорук турар.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кэллиэгийэтин тохсунньу 24 күнүгэр ыытыллыбыт мунньаҕар «2012-2020 сс. тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын итиэннэ тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын, сырье уонна ас-үөл ырыынагын сүрүннээһин» судаарыстыбаннай бырагырааманы толоруу уонна ааспыт сыллаах үлэ-хамнас барыллаан түмүгэ таһаарылынна.
Сүрүн дакылааты тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов оҥордо. Ааспыт 2019 сылга Ил Дархан Айсен Николаев 2018 с. ахсынньы 11 күнүгэр таһаарбыт «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын стратегическай хайысхаларын туһунан» ыйааҕар туруоруллубут соруктар толоруллубутар. Ол курдук, үүт, эт, балык уонна оҕуруот аһын соҕуопкаларын былааннара толоруллубут, 26,1 млрд. солк. суумалаах тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйата оҥоһуллубут. Сиртэн үүнээйини ылыы хайысхатынан, 2,3 тыһ. гектар ходуһа уута түһэриллибит, «Сүөһү аһылыгын оҥорон таһаарыыны сайыннарыы» бырагырааманан оту хомуйар биэс, бурдугу быһар биэс хамбаайын ылыллыбыт, 500 т оҕуруот аһын харайар биир ыскылаат, 17 сайылык, 50 сылгы баазата, уон ынах сүөһү комплекса тутуллубут, “Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката” ААУо-ҕа куурусса сыаҕа, аҕыс хаһаайыстыбаҕа үүтү астыыр, түөрт хаһаайыстыбаҕа эти астыыр сыахтар, “Сахаагропродукт” кэпэрэтиипкэ Астыыр технология киинэ үлэҕэ киллэриллибит.
Судаарыстыба өйөбүлэ сыллата эбиллэр. 2019 с. судаарыстыбаннай бырагырааманан 11 млрд. 848 мөл. солк, ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн 1 млрд. 359,5 мөл., өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 9 млрд. 764,5 мөл., олохтоох бүддьүөттэртэн 52,1 мөл., бүддьүөтү таһынан источниктартан 671,9 мөл солк көрүллүбүт. Быйылгы 2020 сылга 11,3 млрд көрүллүөхтээх. Инники былааҥҥа көрдөрүүнү өссө тупсарар уонна эһиилги сылтан киллэриллэр өйөбүл механизмын, ол иһигэр «Биир кэлим субвенция» ырычааҕын ырытан оҥорор сорук турар. Бу ырычааҕынан тэрээһиннээх хаһаайыстыбалартан биир киилэ үүт 35—50 солк. тутуллара, чааһынай хаһаайыстыбалар ынахтарыгар 35 тыһ. солк. итэҕэһэ суох харчы көрүллэрэ олохтонуоҕа.
Салгыы Бэтэринээрийэ департаменын уонна Амма, Муома, Сунтаар улуустарын баһылыктара сыллааҕы үлэлэрин түмүгүн билиһиннэрдилэр. Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев Бүлүү эҥээр улуустар бородууксуйаларын промышленнай оройуоннарга батарыыларын кэҥэтэргэ туспа бырагырааманы оҥорорго, Сунтаар улууһугар агрокластеры тэрийэргэ этии киллэрдэ.
Тыл этиитигэр кыттыбыт хаһаайыстыба салайааччылара сүөһү аһылыгын базатын тупсарарга мелиорацияҕа үп көрүллүүтүн улаатыннарарга, аһыллар-сабыллар быһыттары тутарга итиэннэ сайылыктарга уот ситимин тартарыыга «Якутскэнерго» хампаанньаны кытары үлэлэһэргэ эттилэр.
Кэллиэгийэ мунньаҕар улуустар баһылыктара, хаһаайыстыбалар салайааччылара кытыннылар