Туттуллубатах ийэ хапытаалын индексациялааһыны чуолкайдаатылар

Хаартыска: ЯСИА саайта

Үлэ министиэристибэтигэр туттуллубатах ийэ хапытаалын индексациялааһын туһунан кэпсээтилэр.

«Ийэ хапытаалын ылан баран тута туттубатах эбэтэр ханнык эрэ чааһын туттубут буоллаххытына, ол суумалар индексацияланаллар.

Холобур, регионнааҕы ийэ хапытаалын иккис оҕоҕо 2020 сыллаахха 184 тыһ 985,10 солк ылбыккыт. Бу сууманы туттубатаххыт уонна быйыл туттар буоллаххытына — 249 тыһ 907,42 солк буолар», — диэтилэр Үлэ министиэристибэтигэр.

Бу уларыйыы бары хапытаалга көрүллэр.

This post was published on 06.02.2024 15:01 15:01