Азия чөпүйэнээтин кыайыылааҕа Айаал Лазарев уонна Рио Олимпиадатын чөмпүйүөнэ Таха Акгюль бииргэ дьарыктаныахтара. Ол туһунан СИА-ҕа спорт миниистирэ Михаил Гуляев эттэ.
Дмитрий Коркин бирииһигэр анаммыт турнирга Турция тустууга бочуоттаах ыалдьыт буолан сырытта.
«Сүүмэрдэммит хамаандалар обары да олус күүстээхтэр. Аан дойдуга, Европаҕа бириистээх миэстэлэри ылбыттар, Олимпиада кыттыылаахтара бааллар. Турция хамаандата кыттыбата, ол эрээри кинилэр кылаабынай тренердэрэ, Олимпиада чөмпүйүөнэ Таха Акгюль кэлэ сырытта. Кинини кытта кэпсэттибит, ол түмүгэр хардарыта дьайсыылаах дьарыктар буолуохтара», — диир Михаил Гуляев.
Миниистир эһиил Саха сирэ уонна Турция сүүмэрдэммит хамаандаларын күрэхтэһиилэрэ ыытылларын туһунан эттэ. Ону таһынан Дмитрий Коркин уонна Роман Дмитриев кэриэстэригэр ананар турнирдарга Турция тустууктара инникитин кыттыахтара.
«Сотору сахалар уонна туроктар уопуту атастаһыахтара, бииргэ эрчиллиэхтэрэ. Ону таһынан Айаал Лазарев уонна Таха Акгюль бииргэ дьарыктаныахтара », — диэтэ кини.
Айаал Лазарев уонна Таха Акгюль Яшар Догу кэриэһигэр анаммыт турнирга финалыгар күөн көрсө сылдьыбыттара. Онно турок кыайбыта.
Таха Акгюль — 125 кг диэри ыйааһыҥҥа быйылгы Олимпиада, аан дойду икки төгүллээх, Европа үс төгүллээх чөмпүйүөнэ. Дмитрий Коркин норуоттар икки ардыларынааҕы V-с турнирын кыттыылааҕа.