Тускул: «Оҕуруоттаах дьон сэрэниҥ — бу нэдиэлэ бүтэһигэр эмискэ тымныйар», — диэн сэрэттэ. Суруйар edersaas.ru
Норуот синоптига бэлиэтииринэн, ыам ыйын 23-25 күннэригэр улахан тымныы түһээри турар.
— Тымныы салгын циклона эмискэ хотугулуу-арҕаа эҥэртэн иһэр. Онон Дьокуускай куоракка сөрүүн салгын бээтинсэттэн биллэн барыаҕа. Манна түүн 7 кыраадыс, күнүс 16 кыраадыс сылаас. Субуота уонна өрөбүл күн түүн 2 кыраадыс эрэ сылаас.
Намҥа бээтинсэҕэ күнүс 17, түүн 8 кыраадыс сылаас. Субуотаҕа уонна өрөбүлгэ түүнүн 3 кыраадыс сылаас. Ыам ыйын 26 күнүгэр оптуорунньукка ардахтаах.
Покровскайга бээтинсэҕэ күнүс 16, түүн 6 кыраадыс сылаас. Субуота, өрөбүл күн – түүн 2 эрэ кыраадыс сылаас. Оптуорунньукка – ардах. Онон оҕуруоттаах дьон бу өрөбүллэргэ сэрэниҥ.
Илин эҥэр улуустарын кииннэригэр — Майаҕа, Бороҕоҥҥо, Чурапчыга, Аммаҕа, Ытык-Күөлгэ бээтинсэ түүн 5-7, күнүс 14-18 кыраадыс сылаас. Субуота уонна өрөбүл күннэргэ түүн 3-4 кыраадыс эрэ сылаас.
Горнайга бээтинсэ түүн 5, күнүс 14 кыраадыс сылаас. Субуота уонна өрөбүл күннэргэ улаханнык тымныйыаҕа: түүн 1 эрэ кыраадыс сылыйыаҕа. Хаардаах ардах түһүөҕэ.
Кэбээйигэ эмиэ тымныйар. Ардахтаах, хаардаах.
Бүлүү бөлөх улуустарга күнүс 12-16 кыраадыс сылаас, түүн 1 кыраадыс эрэ сылыйыаҕа.
Мирнэй, Ленскэй, Нерюнгри, Алдан оройуоннарыгар сэрэдэттэн ардыаҕа.
Өлүөхүмэҕэ эмиэ сэрэдэттэн — ардах. Субуотаҕа уонна өрөбүлгэ 1-2 кыраадыс эрэ сылыйыаҕа. Хаһыҥ түһүөҕэ.
Хоту улуустарга эмиэ барыларыгар тымныйыаҕа. Өрөбүл күннэргэ ардыаҕа да, хаардыаҕа да.
Өймөкөөҥҥө түүн 1 кыраадыс тымныйыаҕа уонна өрөбүл күннэргэ улахан тыал түһээри турар. Онон сэрэниэххэ наада.
Анаабырга уонна Тиксиигэ 2-3 кыраадыс тымныйыаҕа.
Тыйыс килиимэттээх усулуобуйаҕа олорор дьон, бэс ыйыгар уонна от ыйыгар хаар түһэригэр үөрэхтээх буоллахпыт. Онон «Ыам ыйын 23-25 күннэригэр оҕуруоттаах, тэпилииссэлээх дьон үүнээйигитиҥ көрүнүҥ, сылаастык тутуҥ», — диэн Тускул сүбэтин ылынаргыт наада.
This post was published on 19.05.2020 12:29 12:29