Былыр өбүгэлэрбит сайыны билгэлииллэригэр Ороһооспо күнүгэр, ол эбэтэр тохсунньу 7 күнүгэр Ый уонна Үргэл алтыһыытын анаан кэтээн көрөллөр эбит. Бу туһунан Тускул тохсунньуну билгэлииригэр бэлиэтээтэ.
— Быйыл бэртээхэй алтыһыы буолла — Үргэл Ый үрдүнэн ааста. Өбүгэлэрбит этэллэринэн, бу маннык алтыһыы буоллаҕына, быйаҥ сайын кэлэр эбит. Аны Ый уонна Үргэл алтыһыытын олунньу 7 күнүгэр кэтээн көрүөхпүт.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бу күннэргэ улахан сис былыт кэлэн турар. Ол курдук, ичигэс салгын Саха сирин үс өттүттэн «анньан» турар: Охотскай муораттан Уус Майанан Аммаҕа кэллэ; Красноярскайтан иһэр циклон Бүлүү эҥэринэн киин улуустары хапта; Магадантан тахсыбыт ичигэс салгын Халыма-Индигиир эҥэр улуустарга тиийдэ. Бу циклоннар охсууларынан өрөспүүбүлүкэбит улуустарыгар барытыгар кэриэтэ ичигэс уонна хаардаах күннэр тураллар.
Быйыл былыт хойуутаан, Саҥа дьыл кэнниттэн кэллэ. Онон бу маннык ичигэс күннэр өр туруохтара. Киин улуустарга ичигэс күн-дьыл син балайда туруоҕа. Тохсунньу 15 күнүгэр диэри 20-чэ эрэ кыраадыс турар. Тохсунньу ый 16 күнүттэн 19 күнүгэр диэри түүнүн 40 кыраадыс тымныйыаҕа. Онон Кириһиэнньэ тымныыта биллэн ааһыаҕа. Күнүс -35 кыраадыс тымныы.
Улахан тымныы суох, хаардаах буолуо. Бүлүү бөлөх улууска тохсунньу ыйга улахан тымныы суох, ортотунан 20-30 кыраадыстан тымныйбат. Өлүөхүмэ эҥэр соҕуруу улуустарга 15-20 кыраадыс. Өймөкөөҥҥө тохсунньу 16 күнүттэн 21 күнүгэр диэри 40-50 кыраадыс буолуо. Ол кэнниттэн аны тымныйыа суоҕа. Дьааҥыга тохсунньу бүтүөр диэри 30-40 кыраадыстан ордук тымныйыа суоҕа. Кириһиэнньэҕэ 30-34 кыраадыс буолуоҕа. Өлөөҥҥө, Анаабырга эмиэ улахан тымныы суох: 20-30 кыраадыс тымныы.
Онон өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар курдук, хоту оройуоннарга эмиэ сымнаҕас тохсунньу буолара сабаҕаланар. Тохсунньу 9-22 күннэригэр киин улуустарга халлаан туруга үчүгэй. Хаардыыр, кыраһалыыр. Тохсунньу 16-19 күннэригэр 40 кыраадыс буолан баран, тохсунньу 20-21 күннэригэр эмиэ сылыйар. Бүлүү улуустарыгар 18 кыраадыс тымныы, — диэн кэпсээтэ Тускул.
Саҥа дьыл иннинээҕи билгэтигэр норуот синоптига: «Тохсунньу саҥатыгар уһун өрөбүллэргитигэр айылҕаҕа сылдьардыы былааннаныҥ», — диэн эппитэ туолан, кырдьык, дьон-сэргэ тохсунньу саҥатыгар тыаҕа, пааркаҕа дьаарбайан абыранна.
Тускул аны: «Тохсунньу ый эмиэ ичигэс буолуо», — диэн эппитин чахчы туолуо диэн эрэниэҕиҥ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
This post was published on 13.01.2020 12:35 12:35