22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Тускул: Саҥа дьыл түүн сылыйыаҕа

14:28, 30 декабря 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

“Саҥа дьыл алыптаах түүнүгэр уонна быйылгы дьылга кыһыммыт хайдах буоларый?” — диэн үгүс киһи интэриэһиргиирэ чахчы, диэн edersaas.ru суруйар.


Чурапчы улууһун Хайахсыт нэһилиэгэр олорор “норуот синоптигынан” биллэр Тарас Тарасовы-Тускулу булан, анаан кэпсэттибит.

— Тускул, кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэ! Быйылы быһа эн хаһыат “Эдэр  саас” саайтыгар күнү-дьылы билгэлээтиҥ. Онон күүтүүлээх Саҥа дьыллааҕы түүн уонна  кыһыммыт хайдах буолуоҕун туһунан кэпсэтэн, 2019 сылбытын түмүктээн кэбиһиэххэ.

— 2015 сыллаахха Дьокуускай куоракка Саҥа дьыл саҕана, ол аата ахсынньы 28-31 күннэригэр -38-39 кыраадыс тымныы, оттон тохсунньу 1-2 күннэригэр -27-30 кыраадыс, тохсунньу 3-4 күннэригэр -37-38 кы­­раадыска тиийэн,  былытыра сылдьыбыт эбит. Былырыын ахсынньы 28-31 күннэригэр 30-32 кыраадыс, оттон сыл саҥатыгар -24 кыраадыстан -34 кыраадыска тиийэ халбаҥнаабыта. Онон сылыктаатахха, ахсынньы 28-31 күннэригэр күнүс -36-39 кыраадыс буолан, тохсунньу саҥатыгар улахан былыт кэлиэҕэ. Бу кэмҥэ -25-34 кыраадыс тымныы бэлиэтэниэҕэ.

— Онон Саҥа дьылга таһырдьа тахсан, дьаарбайардыы оҥостуҥ, дьиэ кэргэҥҥитин кытта сибиэһэй салгыҥҥа сылдьарга сөптөөх култуурунай тэрээһиннэри бы­­лааннааҥ диэн сүбэлиир буоллаҕыҥ?

— Оннук. Саҥа дьыллааҕы күнү-дьылы улуустарынан ырыттахха, кэлиҥҥи кэмҥэ Чурапчы, Таатта, Амма, Нам улуустарыгар олус тымныйар буолбутун бэлиэтиир тоҕоостоох. Бу күннэргэ киин улуустарга улаханнык тымныйа сырытта. Оттон Саҥа дьыл саҕана бу улуустарга тымныы арыый да сымныаҕа. Күнүс -38, түүн -40 кыраадыс буолуоҕа. Тохсунньу 1-2 күннэригэр күнүскү кэмҥэ 32-35 кыраадыстаах былыт кэлэн, киин улуустарга биллэ сылыйыаҕа. Арҕаа уонна Бүлүү эҥээр улуустарга ахсынньы ортотугар улаханнык тымныйбыт буоллаҕына, Саҥа дьыл саҕана тымныы арыый да намырыаҕа Ол курдук, ахсынньы 30-31 күннэригэр күнүс -24-34 кы­­раадыс, түүн -34-42  кыраадыс буолуоҕа. Бу урукку сылларга тэҥнэһэр курдук. Онон кэлиҥҥи биэс сыллааҕы күн-дьыл туруга майгыннаһар диэххэ сөп. Өлүөхүмэ улууһа Саха сиригэр саамай сылаас оройуонунан биллэр. Ол эрээри манна да быйылгы дьыл бүтэһик күннэригэр тымныйыаҕа. Ахсынньы 28-30 күннэригэр түүн 45-48 кыраадыска тиийиэҕэ. Ахсынньы 29 күнүгэр күнүс -44 кыраадыс буолуоҕа. Ол гынан баран, ахсынньы 31 күнүгэр эмискэ сылыйыаҕа — 25-27 кыраадыс. Тохсунньу саҥатыгар бу улууска эмиэ ичигэс күннэр. Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө, эмиэ өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар курдук, ахсынньы 29 күнүттэн саҕалаан, улахан былыт охсуута кэлэр. Онон тымныытынан аан дойдуга аатырар Өймөкөөҥҥө Саҥа дьылга баара суоҕа -26-30 эрэ кыраадыс бэлиэтэниэҕэ. Тохсунньу 1-2 күннэригэр күнүскү кэмҥэ -32-36 кыраадыс тымныйыаҕа. Онон өймөкөөннөр үүнэр Күтэр сылын сылаастык көрсүөхтэрэ. Саҥа дьыл саҕана Дьааҥыга -34-38 кыраадыс тымныы буолуоҕа. Түүн манна -40 кыраадыс тымныйыаҕа. Оттон тохсунньу саҥатыгар  эмиэ 30-32 кыраадыс буолан, былыт­тааҕа биллиэҕэ. Күнүс -29 кыраадыска тиийиэҕэ. Уопсайынан, урукку сылларга холоотоххо, бу арктическай улууска кыһына биллэ сымнаҕас. Халыма-Индигир арктическай улуустарга тохсунньу саҥатыгар -26-31 кыраадыска тиийэн, Саҥа дьыллааҕы күннэргэ Уһук Хотугу оройуоннар олохтоохторугар айылҕа барахсан эмиэ сибиэһэй салгынынан дуоһуйа тыынарга кыаҕы биэриэҕэ. Булуҥ улууһугар Саҥа дьылга биллэ сылыйыаҕа. Ол курдук, тохсунньу саҥатыгар -18-26 кыраадыс бэлиэтэниэҕэ. Дьэ онон, көстөрүн курдук, үгүс улууска Саҥа дьыллааҕы кэм биллэ “сылыйан”, дьон бырааһынньыктааҕы сүргэтин көтөҕүөҕэ.

Хайдах кыһын буолуой?

— Аны кыһыммытын анааран көрүөх. Кэлэр дьыл тохсунньутуттан хайдах күн-дьыл туруоҕай?

— 2015 сылтан ыла биэс сыл устатын тухары Саҥа дьылбыт биир тэҥҥэ -40-50 кыраадыска тиийбэккэ, -30-40 кыраадыс эрэ буолан үөрдэр. Хотугу улуустарга сылаас күн-дьыл кэллэ. Ол курдук, Дьааҥы уонна Өймөкөөн улуустарыгар бу кыһын улахан тымныы түспэт. Биллэн турар, Кириһиэнньэҕэ биллэ тымныйыаҕа. Киин улуустарга бу кэмҥэ -40-ча кыраадыс буолуоҕа. Уопсайынан, тохсунньуга улахан тымныы суох. -42-32 ардынан кыраадыс саха дьонугар “ичигэс күн” дэнэр. Арҕаа, Бүлүү эҥээр ­улуустарга Ороһуоспа кэмигэр түүн -40 кыраадыстан лаппа тахсан соһутуоҕа. Ол “сылаас” дэнэр күннэргэ эмискэ тымныйбыт курдук буолуоҕа. Ахсынньы 25 күнүттэн күн биллэ уһаан барыаҕа. Олунньу урукку сыллардааҕар биллэ сылаас буолуоҕа. Урукку дьылларга олунньу ортотугар диэри күүскэ тымныйар этэ. Ити “муостарбыт тостор кэмнэригэр”. Ол гынан баран, быйылгы сылбыт уруккуттан олох атын. Тохсунньу уонна олунньу ыйдар улаханнык тымныйар эбит буоллахтарына, быйылгы дьылга тымныы охсуута суох. Хотугу улуустарга улахан тымныылар түһүөхтэрэ суоҕа. Онон олунньубут уонна кулун тутарбыт сылаас буолуохтара. Эһиил саас эрдэ кэлиэҕэ. Киин уонна хотугу улуустары барыларын хабан, Охотскай муораттан циклон охсуутунан сылыйыы кэлиэх курдук. Кулун тутарга өрөспүүбүлүкэҕэ барытыгар урукку сыллардааҕар сылаас күн-дьыл туруоҕа.

Күн-дьыл саҥа кирбии кэмэ саҕаланыаҕа

— Нууччалыы эттэххэ, били билгэлиир “ледниковай периодтара” кэлбит дуу?

— 2020 сылга улахан уларыйыылар буолуохтара. Ол курдук, бу сылтан ыла хотугу сир сылыйыытын, оттон соҕуруу дойду тымныйыытын туһунан билгэ дьэ олоххо киириэҕэ. Эһиил олунньуга уонна кулун тутарга күн-дьыл сылыйыыта – ол саҕалааһына. 2020 сылтан ыла айылҕа уларыйыытын «мууһуруу аччыгый кэмигэр» (малый ледниковый период) — саҥа кирбии кэмигэр киирээри олоробут. Ол эмискэ буолбакка, сыыйа саҕаланыаҕа. Маннык кэм былыр 1645—1715 сылларга кэлэн ааспыт эбит. Ол курдук, 400 сыл устата түөртэ «мууһуруу аччыгый кэмэ», биэстэ – “сирдээҕи атмосфера итийиитэ” (потепление земной атмосферы) буолан ааспыт. Онон бэйэбитигэр сыһыаран эттэххэ, урукку сылларга тэҥнээтэххэ, быйыл олунньу уонна кулун тутар ыйдар улаханнык сылыйаары тураллар. «Мууһуруу аччыгый кэмэ» кэлэр түбэлтэтигэр Европаҕа, Арҕаа Эмиэрикэҕэ, Арассыыйа соҕуруу өттүгэр улаханнык тымныйыаҕа. Ол оннугар хоту дойду кыһына биллэрдик сылыйыаҕа, кыһына кылгыаҕа. Кэнники 10 сылга Саха сирэ 2,5 кыраадыһынан сылыйда.

Елена Потоцкая, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА