Тускул: «От ыйын 25, 28, 29, 30 күннэригэр ардахтаах буолуоҕа»

Фото: СИА

Тымныынан саҕаламмыт бэс ыйа өҥүрүк куйаас күннэринэн түмүктэннэ.

Оттон от ыйа хайдах буолуой?

Бу туһунан норуот синоптига Тускул маннык билгэлиир:

— Быйылгы сайын  күнэ-дьыла син  уларыйбыт курдук. Ол эбэтэр  от ыйын өҥүрүк куйааһа быйыл бэс ыйын 25 күнүттэн саҕаламмыта уонна от ыйын 10 күнүнэн түмүктэниэх курдук.  Бэс ыйыгар сөптөөх ардах кэмигэр түһэн, от-мас силигилии ситтэ.  Онон от ыйын саҥатыттан окко киирдэхпитинэ, үлүмнэһэн оттуурга саамай табыгастаах кэмнэр үүнүөхтэрэ. Дьэ, онтон от ыйын 25, 28, 29, 30 күннэригэр ардахтаах күннэр туруохтара.

This post was published on 05.07.2023 12:32 12:32