Тускул: «Муус устар ый салгына сымнаһыар буолуоҕа»

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Бүгүн кулун тутар ый бүтэһик күнэ. Сарсыҥҥыттан муус устарга үктэнэбит. Норуот синоптига Тускул «муус устар 20 күнүн кэнниттэн уу-хаар тахсыаҕа» диэн туран, муус устар билгэтин «сэгэтэн» биэрдэ, суруйар Саха сирэ саайт.

«Быйыл кулун тутар, урукку сылларга холоотоххо, улахан тибиитэ-хаһыыта суох чуумпу ый кэлэн ааста. Манан сылыктаатахха, муус устар  хайдах эрэ сымнаһыар буолуох курдук.  Үһүс дэкээдэттэн ордук киин улуустарга, соҕуруулуу-арҕаа улуустарга  күүскэ ириэриэҕэ. Былырыын күһүн үгүс улуустарга ардаан-хаардаан тоҥорбута, онон Ийэ сир тот соҕус сытар». 

Муус устар билгэтэ

Муус устар 1 күнэ — Даарыйа аат күнэ. Ойбон сэҥийэтин чэҥэ ирэр. Нөҥүө күнүттэн түөрт уон хонуктаах дьыбар бүтэн, отут хонуктаах уораан хаалар. Ый ортотугар тыалырдаҕына — «хаары сахсатар», бүтэһигэр — «хаары хараардар».
Муус устар 4 күнэ — Дьиэ сарайыттан таммах түһэрэ элбиир, улахан бэлиэтээһин буолар.
Муус устар ый 5 күнэ — Холлоҕос көтөрө. Кыһыҥҥы хаһаас бүтэр.
Муус устар 7 күнэ — Былаҕачыанайап ( Благовещение Пресвятой Богородицы). Таҥара улахан бырааһынньыга: оннооҕор чыычаах айыырҕаан уйа туттубат аатырар. Туллуктар кэлэллэр, моҕотой уйатыттан быгыалыыр, эһэ арҕаҕар уһуктан » кырдьыылыыр»- о.а. быган сытар, сааскы сылаас «өнньүө» күннэр тураллар. Бу күн былыта суох ыраас күн турдаҕына — саас көхтөөхтүк кэлэригэр, тыалырдаҕына — хаптаһын хатааһын буоларыгар.
Муус устар 6 күнэ — Түүн сылаас буоллаҕына — саас түргэнник кэлэр.
Муус устар 8 күнэ — Бу күн хайдаҕый да, алтынньы 8 күнэ оннук буолуо.
Муус устар  9 күнэ — Мотуруона аат күнэ. Тураах кэлэр.
Муус устар 13 күнэ — Бэлиэтиир. Тот салгын түһэр.
Муус устар 14 күнэ — Күн көрөр өттүгэр сарай хаара буоллаҕына, ыам ыйын 6-гар диэри ходуһаҕа хаар сытар.
Муус устар 18 күнэ — Урут хаҕыс тыал үрбүт буоллаҕына, аны ичигэс тыал түһэр. Соҕурууттан тыалырдаҕына — сылыйар.
Муус устар 20 — 25 күннэригэр — Куруппааскы, улар охсуута саҕаланар.
Муус устар 21 күнэ — Күн көрдөҕүнэ — сайына ичигэс, былыттаах күн — сайына сөрүүн.
Муус устар ый күнэ — Чуумпу, сылаас түүн буоллаҕына — сайына куйаас, кураан. Ириэрии күүһүрэр. Түүн тоҥорор.
Муус устар 24 күнэ — Чалбах үчүгэйдик килэйбэтэҕинэ, сайына куһаҕан. Суол-иис олох алдьанар. Күн үөһэ ойдор ойон иһэр.
Муус устар 29 күнэ — Ый туолуута.

This post was published on 31.03.2025 18:03 18:03