«Быйыл кулун тутар, урукку сылларга холоотоххо, улахан тибиитэ-хаһыыта суох чуумпу ый кэлэн ааста. Манан сылыктаатахха, муус устар хайдах эрэ сымнаһыар буолуох курдук. Үһүс дэкээдэттэн ордук киин улуустарга, соҕуруулуу-арҕаа улуустарга күүскэ ириэриэҕэ. Былырыын күһүн үгүс улуустарга ардаан-хаардаан тоҥорбута, онон Ийэ сир тот соҕус сытар».
Муус устар билгэтэ
Муус устар 1 күнэ — Даарыйа аат күнэ. Ойбон сэҥийэтин чэҥэ ирэр. Нөҥүө күнүттэн түөрт уон хонуктаах дьыбар бүтэн, отут хонуктаах уораан хаалар. Ый ортотугар тыалырдаҕына — «хаары сахсатар», бүтэһигэр — «хаары хараардар».
Муус устар 4 күнэ — Дьиэ сарайыттан таммах түһэрэ элбиир, улахан бэлиэтээһин буолар.
Муус устар ый 5 күнэ — Холлоҕос көтөрө. Кыһыҥҥы хаһаас бүтэр.
Муус устар 7 күнэ — Былаҕачыанайап ( Благовещение Пресвятой Богородицы). Таҥара улахан бырааһынньыга: оннооҕор чыычаах айыырҕаан уйа туттубат аатырар. Туллуктар кэлэллэр, моҕотой уйатыттан быгыалыыр, эһэ арҕаҕар уһуктан » кырдьыылыыр»- о.а. быган сытар, сааскы сылаас «өнньүө» күннэр тураллар. Бу күн былыта суох ыраас күн турдаҕына — саас көхтөөхтүк кэлэригэр, тыалырдаҕына — хаптаһын хатааһын буоларыгар.
Муус устар 6 күнэ — Түүн сылаас буоллаҕына — саас түргэнник кэлэр.
Муус устар 8 күнэ — Бу күн хайдаҕый да, алтынньы 8 күнэ оннук буолуо.
Муус устар 9 күнэ — Мотуруона аат күнэ. Тураах кэлэр.
Муус устар 13 күнэ — Бэлиэтиир. Тот салгын түһэр.
Муус устар 14 күнэ — Күн көрөр өттүгэр сарай хаара буоллаҕына, ыам ыйын 6-гар диэри ходуһаҕа хаар сытар.
Муус устар 18 күнэ — Урут хаҕыс тыал үрбүт буоллаҕына, аны ичигэс тыал түһэр. Соҕурууттан тыалырдаҕына — сылыйар.
Муус устар 20 — 25 күннэригэр — Куруппааскы, улар охсуута саҕаланар.
Муус устар 21 күнэ — Күн көрдөҕүнэ — сайына ичигэс, былыттаах күн — сайына сөрүүн.
Муус устар ый күнэ — Чуумпу, сылаас түүн буоллаҕына — сайына куйаас, кураан. Ириэрии күүһүрэр. Түүн тоҥорор.
Муус устар 24 күнэ — Чалбах үчүгэйдик килэйбэтэҕинэ, сайына куһаҕан. Суол-иис олох алдьанар. Күн үөһэ ойдор ойон иһэр.
Муус устар 29 күнэ — Ый туолуута.