Бу күннэргэ тымныы намыраата. Ол эрээри норуот синоптига Тускул бэлиэтииринэн, киин улуустарга өрөбүл күннэргэ тымныы күн-дьыл син биир туруоҕа.
— Кэлэр нэдиэлэ сэрэдэтиттэн, халлаан дьэ сылыйан барыаҕа. Магадаантан улахан циклон иһэр. Онон Халыма-Индигир улуустарыгар сис былыт кэлиэҕэ. Ол курдук, Черскэйгэ баара суоҕа -4-5 С кыраадыс тымныы буолуоҕа. Кэлэр нэдиэлэ ортотуттан Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө эмискэ сылыйыаҕа: күнүс -20С кыраадыс, түүн -25С кыраадыс тымныйыаҕа. Дьааҥыга Магадаан циклона тиийбэт, онон манна -40-50 кыраадыс тымныы оннунан хаалыаҕа. Арктика улуустарыгар (Булуҥ, Анаабыр, Өлөөн) сылыйыы суох — 30-40С кыраадыс тымныы. Өлүөхүмэ, Алдан улуустарыгар — 20-30 кыраадыс тымныы. Бүлүү эҥэр улуустарыгар Красноярскай кыраайтан кэлэр циклонтан сылтаан 30-40 кыраадыс тымныы. Бу улахан сылыйыы буолбатах, — диэн быһаарар Тускул.
«Быйыл кыһыммыт тоҕо олус тымныйбыта буолуой?» — диэн ыйытыыга норуот синоптига маннык хоруйу биэрдэ:
— Хотуттан уонна соҕурууттан олус күүстээх антициклоннар быһа охсуһан, улахан тымныыны аҕаллылар. Уопсайынан, Сибиир киин куораттарыгар Красноярскайга, Томскайга, Омскайга, Екатеринбурга, Братскайга, оннооҕор Санкт-Петербурга тиийэ улахан тымныы сатыылаата. Орто температура бу куораттарга -40С кыраадыска тэҥ.
This post was published on 26.01.2018 14:14 14:14