Норуот синоптига Тускул улуустарга тохсунньу 12 күнүттэн биллэ тымныйарын кэпсээтэ. Бу Кириһиэнньэ тымныытыгар «бэлэмнэнии» буоларын кини бэлиэтээтэ.
«Киин улуустарга Кириһиэнньэ саҕана, тохсунньу 17-19 күннэригэр, түүн -55 -54 , күнүс -44 -45 кыраадыс тымныйыаҕа«, — диир Тускул.
Норуот синоптига кэпсээбитинэн, Бүлүү бөлөх улуустарыгар билигин былыттаах күннэр тураллар эрээри, тохсунньу 16 күнүттэн саҕалаан, -45 -46 кыраадыс тымныйыаҕа. Тохсунньу 18 күнүгэр -48 -49 Кириһиэнньэ тымныыта Бүлүү эҥээргэ эмиэ биллиэҕэ.
Соҕурулуу—арҕаа Өлүөхүмэ уонна Ленскэй улуустарыгар билигин -32 -20 кыраадыс тымныы турар эрээри, тохсунньу 12 күнүттэн -40 -38 кыраадыс тымныйыаҕа. Тохсунньу 18-19 күннэригэр, -42 -43 кыраадыс буолуоҕа. Өскөтүн маннык кыраадыс киин уонна хоту улуустарга «ичигэс күн» дэнэр эбит буоллаҕына, бу эҥэр улахан тымныынан ааҕыллар.
Эдьигээн, Кэбээйи улуустарыгар тохсунньу 18-19 күннэригэр -50 кыраадыстан лаппа түһүөҕэ. Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө күн-дьыл туруга хамсыы турар — былытыран да, тымныйан да ылар. Бу күннэргэ Өймөкөөҥҥө «сымнаҕас» күн-дьыл турар — -48 -47 кыраадыс. Тохсунньу 12 күнүгэр былыт кэлэн, күнүс -35 кыраадыс буолан, олох да сылыйан ылыаҕа. Ол эрээри, тохсунньу 15-16 күннэригэр манна -52 -53 кыраадыс тымныйыаҕа. Кириһиэнньэҕэ, тохсунньу 17 күнүттэн Тымныы полюһугар былытыран, -44 -45 кыраадыс тымныы буолуоҕа. Маннык кыраадыһы өймөкөөннөр «олох сылаас» күнүнэн ааҕаллар.
Дьааҥыга улахан тымныы суох. Кириһиэнньэ саҕана, тохсунньу 14 -17 күннэригэр, -54 -55 кыраадыс тымныйыаҕа.
Халыма—Индигиир улуустарыгар тохсунньу 11 күнүттэн -47 -50 кыраадыс тымныйыаҕа. Тохсунньу 16 күнүгэр былытырыаҕа.
Өлөөҥҥө тохсунньу 11 күнүттэн -48 -49 кыраадыс тымныйыаҕа. Тохсунньу 15 күнүгэр -50 буолуоҕа. Маннык тымныы кыраадыс Өлөөҥҥө хаһан да бэлиэтэнэ илик.
Булуҥ, Анаабыр улуустарыгар күүстээх буурҕа түһэн ылла. Бу кэнниттэн тохсунньу 12 күнүгэр -32 -42 тымныйыаҕа.
Источник: edersaas.ru
This post was published on 11.01.2021 12:01 12:01