Онон сэтинньи ортотугар сааскы халлаан турар курдук: салгына ырааһа, күнэ чаҕылхайа, ичигэһэ — таһырдьаттан киириэххин баҕарбаккын.
Ол эрээри кыһын аата кыһын, хаһан эрэ кэлиэхтээх буоллаҕа. Бу туһунан Тускул туох диэн билгэлиирин билиэн баҕалаах үгүһэ чахчы.
— 40 кыраадыстаах тымныы сэтинньи 24-25 күннэриттэн саҕаланыаҕа. Ол эрээри ол да өр барыа суоҕа. Уопсайынан, Бокуруоп Таҥара билгэтэ олох сөп түбэстэ — сэтинньи сылаас ыйынан буолла. Бастакы тымныы түһэр буолан, ичигэскэ үөрэммит дьон быһыытынан, 40 кыраадыһы тымныы курдук ылыныахпыт. Дьиҥэр урукку сылларга 40 кыраадыс тымныы буоллаҕына «бүгүн биллэ сылыйбыт» диэн буолара. Оттон биһиги 10-20 кыраадыс кэнниттэн «тымныйда» диэхпит.
Ахсынньы билгэтин кэлэр нэдиэлэттэн ааҕан-суоттаан үөрэтиэм. Ол аата хайдах үөрэтэҕин диэн ыйыттахха, урукку сыллары тэҥнээн көрөн, орто кыраадыһы таһаарабын. Быйыл ахсынньыга Илин эҥэр улуустарга — Чурапчыттан саҕалаан, Тааттанан, Томпонон, Өймөкөөҥҥө тиийэ 50 кыраадыстан тахсар тымныы түһүөҕэ. Оттон бу тымныы Дьокуускайы уонна чугас улуустары — Намы, Хаҥалаһы, Мэҥэ Хаҥалаһы хаарыйыа суоҕа.
Дьэ, онон кэлэр нэдиэлэ бүтэһигэр диэри сааскылыы күн дьыл туруоҕа диэн этэр Тускул.
Елена Потоцкая, Саха сирэ
This post was published on 17.11.2023 10:03 10:03