Күнү-дьылы кэтээн көрөр Тускул этэринэн, Өлүөнэ Эбэ мууһуттан босхолонон, бу өрөбүллэртэн халлаан туруга биллэ көнүөҕэ, сайыммыт кэлиэҕэ. Суруйар edersaas.ru
Тускул ыам ыйын кэлэр 15 хонугун ырытта:
— Ыам ыйын 17 күнүттэн киин улуустарга биллэ сылыйыаҕа. Ол эбэтэр күнүс 15-17 кыраадыс сылаас. Ньукуолун саҕана, ыам ыйын 20 күнүттэн, күнүс 20 кыраадыс сылыйыаҕа, түүн 10 кыраадыс сылаас буолуоҕа.
Бүлүү бөлөх улуустарга кыра-кыра ардахтаах. Сөрүүн. Күнүс +10, түүн+ 4-5 кыраадыс сылаас. Ыам ыйын 23-24 күннэригэр бу эҥэр биллэ сылыйыаҕа. Ол эбэтэр күнүс +18-19 кыраадыс, түүн +5 кыраадыс сылаас.
Өлүөхүмэ, Ленскэй улуустарыгар халлаан эмиэ көнөн эрэр. Ыам ыйын 17 күнүттэн күнүскү өттүгэр +18-19 кыраадыс сылыйыаҕа. Ол эрээри ыам ыйын 19 күнүгэр манна эмискэ тымныйыаҕа. Күнүс +10, түүн 0 сылаас буолуоҕа. Онтон халлаан эмиэ көнүөҕэ.
Кэбээйи-Эдьигээн эҥэр халлаан сөрүүн соҕус. Күнүс +10-15 кыраадыс, түүн +5-6 кыраадыс сылаас. Кыратык ардыыр. Ньукуолун саҕана манна сылыйан, +20 кыраадыска тиийэр.
Өймөкөөн диэки халлаан туруга көнөн эрэр. Ыам ыйын 15 күнүттэн биллэ сылыйан барыаҕа. Манна күнүс +15-20 кыраадыс, түүн +5-6 кыраадыс сылаас.
Дьааҥыга эмиэ сылыйыаҕа. Күнүс +18-19 кыраадыс сылаас. Түүн + 10 кыраадыс буолар.
Халыма-Индигиир улуустарыгар сылыйаары аҕай турар. 18-20 чыыһылаларга +20 кыраадыс сылаас, түүн +10 кыраадыс буолуоҕа.
Тиксии уонна Анаабыр улуустарыгар билигин хаар да хаар, ардах да ардах. Инньэ гынан күнүскү өттүгэр +4-5 кыраадыс эрэ сылаас. Түүҥҥү өттүгэр 2-3 кыраадыс тымныы. Сыыйа сылыйан барыаҕа.
Өлөөҥҥө бүгүҥҥү күҥҥэ эмиэ сөрүүн кыраадыс турар эрээри, ыам ыйын 18-20 күннэригэр +20-чэ кыраадыс, түүн +10 кыраадыс сылыйыаҕа.
Тускул бэлиэтээбитинэн, бу өрөбүллэртэн өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар барытыгар сайыҥҥылыы сылаас күннэр үүнүөхтэрэ.
Ыам ыйын 14 күнэ, норуот синоптига Тускул — Тарас Тарасов төрөөбүт күнэ. «Хас сааскын туоллуҥ?» — диэн ыйыппыппар: «Ээ, эппэппин — үбүлүөйдээх сааспын чугаһаттым», — диэн хоруйдаата.
Тускул быйылгы сааһы билгэлээбитим барыта туолла диэн үөрэн бэлиэтиир.
— Ол курдук, хаары тыал көтүтэн, муус чараас буолуо, толоон уута киириэ суоҕа диэбиппэр, үгүс киһи: «Тускул баччалаах халыҥ хаары көрөн туран сымыйалыырын көр эрэ, бу уу-хаар итиччэ түргэнник ханна «көтөн» хаалар үһүө?!», — диэн сонньуйбута. Тыал барахсан көтүтэн кээстэ. Эбэ мууһа быйыл чараас буолан, билгэлээбитим курдук, кутталы үөскэппэккэ, этэҥҥэ уһунна.
Бүлүү Эбэ, Амма этэҥҥэ тыаһы-ууһу таһаарбакка, «күөллүү» уһуннулар. Хонууларга от уута суох. Ити соччото суох билгэ — кураан дьыл буолар чинчилээх. Урукку дьылларга ыам ыйын 14 күнүгэр ырбыыга тиийэн, бастакы собону ылан амсайарбыт. Бүгүн бу балыктаан кэллим да, мэлийдим. Төрөөбүт күммэр киэһэ сибиэһэй балыгы ыһаарылаан сиэм дии санаабытым. Билигин төрөөбүт Хайахсыппар баарбын. Дойдум сибиэһэй салгынынан тыынарым үчүгэйин эриэхсит! Түгэнинэн туһанан, ыам ыйын 14 күнүнэн — Дьэримиэйэп Таҥара — Ыһыы күнүнэн күнүнэн бар-дьоммун эҕэрдэлиибин! Норуот билгэтинэн, бу күн ыраас буоллаҕына, сир аһа өлгөм буолар. Онон быйыл сайын отон арааһа үүнүөҕэ! Ыаҕайаҕытын эрдэттэн чугаһатан бэлэмнээн кэбиһиҥ! — диэтэ Тускул.
Тускулу күн сирбит көрбүт мааны күнүнэн эҕэрдэлиибит!
This post was published on 15.05.2020 14:29 14:29