Өбүгэлэрбит былыр чөмөх сулуһу — Үргэли — кэтээн көрөн, хайдах дьыл буоларын быһаараллара эбит, диэн суруйар edersaas.ru
Тускул тыа сиригэр көһөн, Чурапчыга олорон эрэ быйыл тохсунньуттан ый аайы Ыйы кэтээн көрөр. Бу туһунан кини маннык кэпсиир:
— Тохсунньу 7 күнүгэр Ый Үргэли кытта алтыспыта. Онтон олунньу 5 күнүгэр, кулун тутар 28 күнүгэр ааһыспыттара да, Үргэл Ыйы үөһэнэн ааспыта. Өскө Үргэл Ыйы үрдүнэн аастаҕына, «кураан саас буолар» диэн норуот билгэтэ этэр.
Салгыы Тускуллуун саас хайдах буолуоҕун туһунан маннык кэпсэттибит.
— Кураан сайын буолбатаҕа ыраатта диэххэ сөп. Кэлин — ардахтаах, сииктээх сайын. Бу тоҕо маннык буолла?
— Былырыын сайын киин улуустарга кураан биллэн ааспыта. Сорох сиргэ аһыҥа үөскүөх курдук буолбута. Онон саас эрдэттэн дьаһанан, кураайы сирдэри эрдэ оттуур наада. Кураан сайын күн эстиититтэн тутулуктаах. 2020 сылга Күн “утуйа” сытар, саамай “уһуктар” кэмэ 2025 сылга буолуо дииллэр. Ол аата кураан оройо онно буолуохтаах. Онон өссө да биир-икки сыл сөрүүн, өҥ сайын кэлэн ааһыаҕа.
— Хаар олус халыҥ дииллэр. Онон халааннаах дьыл буолара буолуо?
— Быйылгы саас, эмиэ былырыыҥҥытын курдук, хаар уутун көтүтэр былааннаах. Быйыл саас эрдэлээбит курдук да, бу күннэргэ эмиэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тымныы түһээри турар. Ол кэнниттэн күнүскү өттүгэр ириэриэҕэ, түүҥҥү өттүгэр тоҥоруоҕа. Тыаллаах-куустаах саас буолан, хаарын уутун көтүтэр былааннаах.
— Саас хайдах буолуох курдугуй?
— Быйыл хаар ордук соҕуруу улуустарга — Алдан, Өлүөхүмэ, Нерюнгри диэки нуорманы таһынан халыҥ. Бу улуустарга киин улуустардааҕар эрдэлээн ириэрдэ. Онон өрүстэр хамсыылларыгар, муус үөһэттэн саҕалаан уһуннаҕына, өрүстэр этэҥҥэ эстиэхтэрэ. Быйыл биир уратыта диэн, кыһын сымнаҕас буолан, күөллэр да, өрүстэр да муустара хаһааҥҥытааҕар да чараас буолан, тааҥнаатылар аҕай. Быйыл саас күөллэр муустара эрдэ сайҕанан, сир аайы уу баар буолан, кус-хаас кэлиитэ арыый да эрдэлиэҕэ.
Быйыл муус эстиитэ урукку сыллардааҕар эрдэлиэҕэ. Аммаҕа орто уу кэлиэҕэ, сорох сиринэн күөллүү барыаҕа. Тоҥоро ириэрэр буолан, төһө да саас эрдэлээтэр, хонуу хаара ыам ыйын 1 күнүгэр, тыа хаара киин улуустарга ыам ыйын 6-9 күннэригэр барыаҕа. Ыам ыйын 10 күнүттэн түүнэ-күнүһэ сылыйан, сайыҥҥылыы күн дьыл туруоҕа. Ача эрдэ быгыаҕа. Тыа Ньукуолун иннинэ көҕөрөн үөрдүөҕэ. Өрүстэр 15 хонугунан эрдэлээн устуохтара, халаан уута этэҥҥэ ааһыаҕа. Ол кэнниттэн хара уу улахан буолар кутталлаах.
Дьэ, онон, күндү доҕоттор, сахаларга саамай кэтэһиилээх сандал сааспыт кэлэрин көрсүөҕүҥ! Биһигини буулаабыт сыстыганнаах дьаҥтан санаабытын бөҕөргөтүнүөҕүҥ.
Тускул кэпсэтиибит түмүгэр хайдах сайын кэлэрин ыам ыйын 22 күнүгэр — Ньукуолуҥҥа анаарыам диэтэ.
This post was published on 15.04.2020 14:28 14:28