Турцияҕа Россия бэрэсидьиэнин быыбарыгар болдьоҕун иннинэ бастакы куоластааһын ыытылынна

Турция сиригэр-уотугар Россия бэрэсидьиэнин быыбарыгар болдьоҕун иннинэ куоластааһын бастакынан дойду соҕуруу өттүгэр Мерсиҥҥэ ыытылынна, диэн субуотаҕа РИА Новости-га Анкараҕа Россия посольствотын пресс-атташета Ирина Касимова иһитиннэрдэ.


“Турцияҕа дойдуга бастакы “Аккую” АЭС тутууга үлэлии кэлбит Россия гражданнара Конституцияҕа олоҕуран, болдьоҕун иннинэ куоластыыр быраабынан туһаннылар, ону тэҥэ Мерсиҥҥэ уонна Адаҥҥа олорор Россия атын олохтоохторо. Куоластааһыҥҥа аан бастаан кыттыбыт биир дойдулаахтарыгар өйдөбүнньүк сувенирдары туттардылар” – диэтэ агентствоны кытта кэпсэтээччи.

Кини болдьоҕун иннинэ куоластааһын маны сэргэ Дарыджеҕа, Аланьеҕа, Кемергэ уо.д.а. ыытылларын туһунан эттэ.

This post was published on 05.03.2018 18:15 18:15