Турцияҕа судаарыстыбаннай уларыта тутууну оҥорор туһуттан бууннааччылар байыаннай балаһыанньаны уонна комендантскай чааһы олохтоотулар.
Reuters иһитиннэрэринэн, бу туһунан TRT телевидение ханаалын диктора аахта. Сайабылыанньаҕа байыаннайдар сотору кэминэн өрөспүүбүлүкэ саҥа конституцията бэлэмнэниэхтээҕин чуолкайдаатылар.
Бээтинсэ күн биллибитинэн, уларыта тутууга холонууттан Турция судаарыстыбаннай телевидениетэ бэйэтин үлэтин тохтотто, кинилэр дьиэлэрин байыаннайдар ыллылар. Маны сэргэ Анкараҕа Facebook уонна Twitter сибээстэн сүттэ. Итиэннэ Anadolu дойду бөдөҥ информагентствота туроктыы таһаарыыта эмиэ тохтотулунна.
От ыйын 15 күнүн киэһэ өрөспүүбүлүкэ премьер-миниистирэ Бинали Йылдырым дойдуга байыаннай уларыта тутууга холонуу баарын туһунан эттэ. Кини иһитиннэрбитинэн, байыаннайдар бөлөхтөрө «кинилэргэ итэҕэйиллибит боломуочуйаларын уонна сааларын-саадахтарын туһанан эппиэтинэһэ уонна быраабы утары дьайыылары оҥоро сатаатылар». Бырабыыталыстыба баһылыга эбэн эппитинэн, былаас уолуйуу тахсыбатыгар уонна бэрээдэк баар буоларыгар туох баар үлэни ыытар, оттон буруйдаахтар эппиэккэ тардыллыахтара.
Генштабка иһитиннэрбиттэринэн, былаас бууннааччыларга бэрилиннэ. Оттон өрөспүүбүлүкэ салалтата кэтэбилгэ ылылынна. Кинилэр ортолоругар Генштаб баһылыга Хулуси Акар эмиэ баар. Турция президенэ Реджеп Тайип Эрдоган эмсэҕэлээбэтэ, куттала суох миэстэҕэ баар.
Бу туһунан Лента.ру суруйар.