Туристическай дьиэлэри тутууга биир мөлүйүөҥҥэ диэри субсидия көрүөхтэрэ

Сылы эргиччи туһаныллар толору хааччыллыылаах туристическай дьиэлэри тутууга урбаанньыттар биир мөлүйүөҥҥэ диэри субсидия ылыахтарын сөп. Бу туһунан бэҕэһээ урбаан миниистирэ Ирина Высоких социальнай ситиминэн быһа тахсыытын кэмигэр эттэ. 


«Быйыл биһиги саҥа субсидиялары олохтоотубут. Былырыын урбаанньыкка туристическай тэрил ыларыгар биир мөлүйүөн аҥара субсидияны көрбүппүт. Быйыл сылы эргиччи туһаныллар толору хааччыллыылаах туристическай дьиэлэри тутууга ороскуот 30%-нын уйунуохпутун сөп. Ол эбэтэр урбаанньыт биир мөлүйүөҥҥэ диэри харчыны ылыан сөп», — диэтэ Ирина Высоких.

Итини таһынан, быйыл улуус урбаанньыттара туристическай бырайыактар докумуоннарын оҥорууга субсидияларынан туһаныахтарын сөп.

This post was published on 25.05.2021 13:07 13:07