«Михаил Светлов» теплоходунан Тиксиигэ баран иһэн, туристар Эдьигээҥҥэ быйыл иккитэ таарыйан ааһаллара былааннанан турар, диэн Эдэр саас суруйар.
Бастакы сырыы от ыйын 12 күнүгэр буолбут. Туристары сарсыарда тоҕус чааска Өлүөнэ кытылыгар «Туруу мас» пааматынньык таһыгар култуура үлэһиттэрэ эҕэрдэлии көрсүбүттэр. Туустаах балыгынан күндүлээбиттэр. Бу туһунан улуус дьаһалтатын саайтыгар суруллар.
«Урукку өттүгэр тас дойдуттан туристар кэлэллэр этэ. Оттон быйыл Арассыыйа олохтоохторо, ордук Москваттан дьон-сэргэ сэргээн, сэҥээрэн кэлбиттэр.
Былырыын биирдэ миигин теплоходка аҕыйах киһиэхэ киирэн Эдьигээн туһунан сырдатарбар ыҥыран тураллар. Кинилэргэ Эдьигээн туһунан өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэрэр туһуттан, икки үҥкүүһүтү ыҥырбытым уонна музейтан аҕыйах экспонаты ылбытым. Ол гынан баран, күүстээх тыал түһэн, теплоход тохтооботоҕо. Онон төттөрү кэлбиппит. Быйыл туристары музейга экскурсиялаттыбыт, таҥара дьиэтигэр сырытыннардыбыт, кинилэри кытта көрсүһүүгэ фольклор ансаамбыллара кытыннылар. Олохтоохтор сувенирдары, сугун барыанньатын атыылаатылар, эбэҥки куукунатын араас аһын астаан көрдөрдүлэр. Ыалдьыттар олус астыннылар. Аны атырдьах ыйын 15 күнүгэр туристары күүтэбит, — диэн сырдатта музей дириэктэрэ Людмила Сивцева.
This post was published on 25.07.2022 17:15 17:15