Тупсарыныы сыла: Эбээххэ суол оҥоһуллар

Орто Халыма 2-с Хаҥалас нэһилиэгэр Тупсарыныы сылыгар элбэх хабааннаах үлэ былаана ылыллыбыта. Үлэ сааскыттан саҕаламмыта.


Субуотунньугунан мас кэрдиллэн, эдэр исписэлиистэргэ анаан 4 кыбартыыралаах дьиэ тутуллуохтаах.

Оттон сайын волонтер оҕолор нэһилиэк олоҕор төһүү күүс буоллулар. Кинилэр портка суол оҥоруутугар талахтары кэрдэн, буор таһан көмөлөстүлэр. Эбии бөһүөлэк бөҕүн-сыыһын, ферма урукку сирин хомуйдулар, ыраастааһыҥҥа кытыннылар.

Билигин суол оҥоһуута ыытылла турар. Ол курдук, Ф.Ф. Бережнов уонна Молодежная уулуссалар өрөмүөннэнэллэр. Дьаамаларга талах быраҕылынна, буор кутулунна, ол кэннэ шлагынан тэлгэннэ.

Бу үлэни дьүөрэлии, сыбаалка суола эмиэ оҥоһуллар. Онон үс киһилээх биригээдэ 3 тиэхиникэнэн кичэллээхтик үлэлии сылдьар.

This post was published on 27.07.2016 12:45 12:45