«Туосчут» оҕо-аймах таптыыр лааҕыра

Уус Алдан улууһугар, Бээрийэҕэ, «Туосчут» оҕо сайыҥҥы лааҕырын 2005 сыллаахха норуот эмчитэ, норуот маастара, СӨ үөрэх туйгуна Варвара Васильева тэрийбитэ. Онтон ыла лааҕыр ситиһиилээхтик үлэлээн кэллэ. Быйыл манна сынньана уонна билиилэрин-көрүүлэрин хаҥатына Бээрийэттэн, Бороҕонтон, Дьокуускайтан отут оҕо кэллэ. Лааҕыры быйыл оскуолаҕа дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Акулина Никифорова салайар. Бу туһунан СИА нэһилиэк бибилэтиэкэрэ Туйаара Васильева иһитиннэрдэ.


«Лааҕырбытыгар түөрт хайысха үлэлиир. «Үрүччэ» уһуйаан иитээччитэ Екатерина Васильева оҕолору туостан тигэргэ үөрэтэр. Манна дьарыктанааччылар номнуо ыаҕайа тигэн, салама оҥорон үөрүү-көтүү бөҕөлөр. СӨ үөрэх туйгуна, математика учуутала, норуот маастара Марианна Арсентьева туойтан иһит-хомуос, киэргэл арааһын оҥорорго, чочуйарга уһуйар. Акулина Никифорова салайааччылаах куукуланы тигээччилэр куруһуоктара былаана киэҥ. Психолог Екатерина Васильева тулалыыр эйгэ киһиэхэ сабыдыалын, уйулҕаны харыстааһын тиэмэлэригэр бэртээхэй бэсиэдэлэри оҥорор. Миэхэ  компьютернай графикаҕа дьарыктанар оҕолор дойдулаахпыт Иван Мигалкин «Куоска уонна кутуйах», «Муос мурун көрүдьүөстэрэ» остуоруйаларынан мультиплиткационнай киинэлэри оҥоруунан үлүһүйэн дьарыктаналлар. Ону сэргэ, нэһилиэктэрин историятын улаханнык кэрэхсээн үөрэтэллэр, билэргэ-көрөргө кыһаналлар. 1891 сыллаахха бурдугунан быстарбыт, от үүммэккэ эрэйи көрсүбүт ыаллары хааччыйар, көмөлөһөр сыаллаах тэриллибит бастакы маҕаһыын туһунан элбэҕи иһиттилэр, биллилэр-көрдүлэр уонна онно анаан бэрт дириҥ ис хоһоонноох, киһини долгутар биэрии бэлэмнииллэр. Аны туран, оҕолор  оскуолаларыгар сылга биирдэ телестудия курдук тахсар «Чугдаарар чуорааннар» диэн биэриилээхтэр. Манна 2013 сыллаахха аан бастаан «Бур-бур буруо» диэн табах буортутун туһунан кэпсээбиттэрэ. Онтон быйылгы биэриилэригэр Бээрийэҕэ олорбут, Кытайынан сылдьан эргиммит  атыыһыт Федор Аржаков, 1918 сыллаахха нэһилиэккэ  бастакы Холбоһугу тэрийбит Иван Васильев-Моччуука, өр сылларга маҕаһыыҥҥа атыыһытынан үлэлээбит дьоннор тустарынан сырдатаары бэлэмнэнэллэр. Оҕолор дьоруойдарын кытта бэйэлэрэ сэһэргэһэллэрэ, усталлара, биэриилэрин таҥаллара кэрэхсэтэр», — диир Туйаара Антоновна.

Лааҕыр үлэһиттэрэ оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнара туһалаах буоларыгар улахан болҕомтолорун уураллар. Ол курдук, улуу бэйиэт Александр Пушкин төрөөбүт күнүгэр бука бары айылҕаҕа сылдьыбыттар, күрэхтэспиттэр, куонкурустарга кыттыбыттар. Хоһоон ааҕыытыгар, хоһоону тутатына өйтөн айыыга бэһис кылаас үөрэнээччитэ Алеша Охлопков кыайыылааҕынан тахсан хайҕалы ылбыт. Бу күн бары моонньоҕон, дьэдьэн сэбирдэхтэрин, дөлүһүөн сибэккитин хомуйбуттар, онтуларын чэй церемониятыгар туттар былааннаахтар. Маныаха биэссэр Мария Турантаева-Васильева оҕолорго эмтээх үүнээйилэр тустарынан сырдатарын, чэбдик сылдьалларыгар кыһамньытын уурарын хайгыыллар. Лааҕырдарын үлэтэ сыллата сайдан, кэҥээн иһэригэр баҕараллар.

This post was published on 17.06.2016 12:07 12:07