Аграрийдар хомуурдарын тимир суолунан тиэйэллэригэр-таһалларыгар чэпчэтии көрүллүөҕэ. Маннык тарыыбынан туорах бурдук, оҕуруот аһа, балык, уоҕурдуу уонна да атын табаардар айанныыллар.
Тимир суолга чэпчэтиилээх тарыыптар 2019 сылтан, хомууру тиэйии-таһыы кэмигэр, киллэриллэллэр. Быйыл бу сыалга 4,3 млрд солк көрүлүннэ. Харчыны «РЖД» уонна «Крымская железная дорога» хампаанньаларга тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын тиэйиигэ-таһыыга чэпчэтиилээх тарыыбы олохтуурга компенсация быһыытынан бэриллэр.
Оҥорон таһаарааччыларга «чэпчэтиилээх тарыып» диэн тиэйиигэ-таһыыга төлөбүртэн толору босхолонуу буолар.
Чэпчэтиинэн туһанарга Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр сайаапка ыытыллар. Субсидия биэриигэ Быраабыла 7 пуунугар олоҕуран, докумуоннаргытын хомуйаҕыт. Сайабылыанньаны 5 хонук иһигэр көрүллэр.
Бу бизнеһи өйөөһүҥҥэ көрүллэр миэрэлэртэн биирдэстэрэ. Толору испииһэги РФ бырабыыталыстыбатын саайтыгар көрүөххүтүн сөп.
This post was published on 29.04.2022 09:01 09:01