Туора Күөл нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Любовь Ефимова саҥа бырайыак туһунан маннык кэпсээтэ:
— Билиҥҥи кэмҥэ олохтоох дьаһалталарга үп-ас көрүллүүтэ кыччаан турар. Онон нэһилиэнньэ уонна дьаһалта субсидия уопсай сууматыттан 5-15 %-ҥа эрэ диэри субсидия харчытыгар тиксэбит. 500-1000 нэһилиэнньэлээх сирдэргэ субсидия суумата балтараа мөлүйүөҥҥэ тэҥнэһэр. Биһиги нэһилиэкпит олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр бырагыраамаҕа 2018 сылтан кыттар. Ол курдук ити сыл биһиги нэһилиэкпит сынньалаҥ зонатын үлэҕэ киллэрбитэ. 2019 сыллаахха Мэмэн Түөрэ диэн түөлбэҕэ чааһынай ыалларга киин ититэр ситимин киллэриигэ матырыйаал ылыытыгар ылсыбыппыт. 2021 сыллаахха бу бырагыраама көмөтүнэн Кыайыы искибиэрин киин уулуссабытыгар оҥорбуппут. Былырыын кылабыыһаны күрүөлээбиппит. Кэлэр 2024 сылга биһиги «Үтүө дьыала» чэрчитинэн уонна норуот күүһүнэн 2000 сыллаахха тутуллубут култуура уонна успуорт кииннээхпит. Кыһыҥҥы кэмнэргэ олус тымныытын иһин кииммитигэр өрөмүөн үлэтин ыытаары гынабыт. Ол курдук, аныгы теплоизоляционнай тутуу матырыйаалынан ититэр соруктаах бу олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр бырагыраамаҕа кыттарга бэлэммит.
Ульяна Захарова, Саха сирэ