1960 сыллаахха Бүлүү ГЭҺин тутаары тимирдиллибит Туой-Хайа нэһилиэгин туһунан документальнай киинэ усталлар. Киинэ устааччылара номнуо нэһилиэк сүүсчэкэ олохтооҕун кытары кэпсэппиттэр, атырдьах ыйыгар эбии матырыйааллары устуохтара диэн ТАССка “Осиктакан” (“Звезда”) эбэҥкилэр Мииринэйдээҕи Ассоциацияларын чилиэнэ Татьяна Юман иһитиннэрбит.
«Туой-Хайа дьылҕатын туһунан кэмиттэн кэмигэр хаһыакка ахталлар. Урут биһиги төрөппүттэрбит дьарыктанар эбит буоллахтарына, билигин биһиги – кинилэр оҕолоро, бөһүөлэктэн кырабытыгар көһөргө күһэллибит дьон. Аҕа саастаах дьоммут ахтыыларын үйэтитээри киинэ устарга санаммыппыт», — диэн кэпсиир Татьяна Юман.
Киинэ 90 мүн уһуннаах буолар. Документальнай лиэнтэҕэ 1976 сыллааҕы Олимпиада үрүҥ көмүс призера, тустуук, Туой Хайа чулуу олохтооҕун Александр Иванов ахтыыта баар буолуо. Маны таһынан сэрии кэминээҕи олох, нэһилиэк булчуттарын, байыаннай оптика оҥоһуутугар туттуллар исландскай шпаты (минерал) олохтоохтор хостообуттарын туһунан каадырдар көстүөхтэрэ.
«Туой-Хайа олохтоохторо үксүлэрэ «Новай» совхозка үлэлииллэрэ, ол совхоз билигин суох. Алмаас бырамыысалыннаһыгар таба иитиитинэн дьарыктанар олохтоох дьон сирдэрэ барбыта. Билигин Мииринэй улууһугар төрүт олохтоохтор олорор үс нэһилиэктэрин сайыннаарыы барыахтаах. Киинэ ити кыһалҕалары көрдөрөр сыаллаах», — диир Юман.
Киинэни бирисидьиэн граннарын пуондатын үбүгэр уһулаллар.