Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгэр таһырдьа кыстаан турар сүөһүнү көрө бара сырыттыбыт. Тиэргэҥҥэ киирбиппит Туоһахтабыт дьиэ аттыгар турар, өйдөөхтүк туттан биһигини көрөр-истэр, онтон хотон диэки сүүрэн хаалла. Чэйдии олордохпутуна аны аан дьиэ түннүгүнэн өҥөйөн соһутта даҕаны, күллэрдэ даҕаны.
Ыал ийэтэ Надежда:
— Түннүгүнэн куруук көрөр. Кэлбит дьону бастакынан кини көрсөр. Киһиттэн олох куттаммат, ыт оҕотун курдук батыһа сылдьар. Ордук аҕабытын билинэр, кини иһэрин көрдө да, ыксаан аҕай кэлэр (күлэр). Дьон илиититтэн килиэп сиирин наһаа сөбүлүүр.
Салгыы маннык кэпсиир:
— Балаҕан ыйыгар Туоһахталыын өссө 4 сүөһүбүт сүппүтэ. Түөрдэ сэтинньи 23 күнүгэр эргиллэн кэлбиттэрэ, онтон кинилэри кытта сүппүт Туоһахтабыт суох этэ. Биһиги тоҥон, аччыктаан өллөҕө дии сылдьыбыппыт, хата көһүннэ. Кыстаан турар сиригэр аҕабыт тиийбитигэр иччитин көрөн билбит, маҥыраабытынан сүүрэн кэлбит этэ. Онтон тиэйэн аҕалбыттарыгар хотонун көрөөт, эмиэ билбитэ, маҥырыы-маҥырыы сүүрэн тиийбитин санаатахпына, билигин да сонньуйан ылабын. Көстөр күнүгэр таһырдьа 53 кыраадыс тымныы этэ. Ол эрэн, дьиктитэ диэн, дьиэтигэр кэлэн баран хотонугар киирэ да сатаабатаҕа. Сылааска киирдэҕинэ, бүөрүгэр оҕустаран өлөн хаалар дииллэрин иһин, таһырдьа тутан турабыт. Эһиил хотоҥҥо эрдэ киллэриэхпит.
Надежда кэпсииринэн, Туоһахта күһүн идэһэ буолуохтааҕа эбитэ үһү, өлөр өлүүттэн куоппут курдук, дэриэбинэттэн икки көстөөх хаһан да үктэммэтэх сиригэр кыстаабыта мээнэҕэ буолбатах. Аны эрдэ эргиллибит сүөһүлэр уулуу таҕыстахтарына күн аайы Туоһахта кинилэри сыллаталыыр, маҥыраһан кэпсэтэллэр эбит. Урут ойбоҥҥо уулуу сылдьыбыт сүөһү уулуу барбатын, ууну олох испэтин, наар хаар сиирин истэммит биһиги да сөхтүбүт.
Киһи саамай дьиктиргиирэ, хотоҥҥо оҕото сытар эркинин таһыгар кэлэн Хаарчааната мэҥириирин истэн, хардарар эбит. Күнүһүн бу эркинтэн арахпат эбит.
Бу күн таһырдьа сылаас буолан, оҕотун таһырдьа таһааран ийэтин эмтэрдилэр, аан бастакыларын көрсүһэр долгутуулаах түгэннэрин илэ көрөн астынан эргилиннибит.