Тумуу уонна коронавирус инфекциятын, теория этэринэн, тэҥинэн хабыахха сөп, дииллэр Петербург быраастара. Манна эбии быһааралларынан, тэҥинэн киирбит дьаҥнарынан сибээстээн, ыарыы өссө күүскэ бэриллиэн сөп.
Боткин аатынан инфекционнай балыыһа эпидемиолога Анна Сталевская этэринэн, сезон ыарыытын тутула хайдах буолара өссө биллибэт. Күһүҥҥү тумуу коронавируһу үтэйэригэр эрэл баар, ити эрээри өссө биир сценарийынан — дьон тэҥинэн тумуулуон уонна коронавирустуон сөп. Быраастар барытыгар бэлэмнэр.
– Микст-инфекция – бу саамай кутталлаах, – диир Анна Сталевская. – Тумуу уонна COVID-19 охсуута — тыҥа, ойоҕостотуу.
Өскөтүн тыҥаҕа тэҥинэн COVID-19 уонна сезоннааҕы тумуу кимэн киирдэҕинэ — саамай ыарахан түмүктээх буолуон сөп.
Санкт-Петербург доруобуйа харыстабылыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Евгений Антипов бэлиэтииринэн, куоракка 600 тыһ — 1,4 мөл киһи коронавируска утарылаһар «антителата» бөҕө. Онон, билигин тумууну утары вакцинаны биэриигэ улахан үлэ ыытыллар.
– Киһи хас да инфекциянан тэҥинэн ыалдьыа суоҕа диэн ким да эппэт. Ити эрээри өскөтүн киһи тумууттан быһыы ылбыт буоллаҕына, атын инфекцияҕа тумуу дьаҥа хоһулаһыыта суох буолуон сөп, – диир Антипов.
Сиһилии https://ysia.ru/vrachi-rasskazali-mozhno-li-odnovremenno-zabolet-grippom-i-koronavirusom/
Источник: Российская газета
This post was published on 09.09.2020 18:01 18:01