Тумулга "Сымыыт харсыһыннарыытыгар" Константин Петухов күннээтэ

Уус Алдан Тумулугар үгэскэ кубулуйбут «Сымыыт харсыһыннарыыта» көрдөөх тэрээһин   быйыл даҕаны элбэх дьону түмэ тарта.


«Мин бу олохтоох «Түмсүү» сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ тэрийэн ыытар күрэхтэрин олус сөбүлээн көрөөччүбүн. Быйыл эмиэ тэринэн бараары сырыттахпына, эмискэ ынаҕым төрөөтө, оҕус ньирэйдэнним, Маай диэн ааттаатыбыт», — диэн кэпсиир Светлана Прудецкая.

Тумулга ил-эйэ, сомоҕолоһуу бырааһынньыгын чэрчитинэн атыы-кутуу дьаарбаҥката, ас-арассаада атыыта, «Сымыыт харсыһыннарыыта» сыл аайы ыытыллар.

Сымыыт күрэҕэр Константин Петухов бастаата, иккиһи Владимир Находкин, үһүс бириистээх миэстэҕэ Варвара Иванова тигистилэр.

Кыракый оҕолор Уйгулаана Алексеева, Сеня Пермяков, Эля Иванова, Давид Иванов улахан дьонтон итэҕэһэ суох бу дьикти оонньууну интэриэһиргээн кытыннылар. Оҕолорго Эля кыайда.

Кыайыылаах Константин Петухов биир лоток сымыытынан наҕараадаланна. «Олус үөрдүм. Дьон сүргэтэ көтөҕүллэн, тыҥааһыннаах киирсиини аастым. 11 сымыыты харсыһыннарыыга кыайдым», — диир кини.

This post was published on 01.05.2016 19:24 19:24