Халлаан туругун кэтээн көрөөччүлэр бэлиэтииллэринэн, Саха сиригэр томороон тымныы түспэтэҕэ ырааппыт. 10-ча сыл ааспыт. -50-тан намыһах кыраадыс кыһалҕата, кыһарҕана олох бары эйгэтигэр билиннэ. Тохсунньуга туман сатыылаата. Айылҕа маннык “бэлэҕэ” ордук массыыналаах киһи суолга-айаҥҥа тургутууну ааһарыгар анаммыт курдук. Саахаллар, тоҥуулар… Суол инспециятын статистиката дьиксиннэрэр. Аҥардас тохсунньу 22 — 24 күннэригэр Дьокуускай уонна кытыытынааҕы бөһүөлэктэргэ 22 массыына саахала тахсыбыт, аҕыс киһи араас көрүҥнээх эчэйиини ылбыт https://xn--90adear.xn--p1ai/r/14. Туман кэмигэр суолга сэрэхтээх буолууга туох ирдэнэрин “Фаворит” суоппардары үөрэтэр киин инструктордарын кытта кэпсэттибит.
Туман кэмигэр суолга саамай экстремальнай балаһыанньаҕа сылдьарынан автоинструктор буолуон сөп эбит дии саныыбын. Массыына ыытыыга өссө бырааба суох киһиэхэ уруулу туттаран, туман, тиэтэйбит-саарайбыт, туора-маары ойуоккаласпыт массыыналар быыстарынан айаннааһын – эттэххэ дөбөҥ. Чахчы бэйэлэригэр эрэллээх, эппиэтинэстээх, киэҥ-холку көҕүстээх эрэ дьон ылсар дьыалалара буоллаҕа. Ол иһин СИА репортаһын куорат биир массыынаны ыытыыга үөрэтэр киин инструкторын кытта оҥордо.
Биһиги бастаан куорат устунан инструктор Наталья Ленских массыынатыгар олордубут. Уруулга – курсаан Евгения. Эдэр кыыс куорат суолларын үчүгэйдик билбэтин, сэттис тахсыыта буолбутун, туман мэһэйдиирин кэпсээтэ. “Наталья Валерьевна үчүгэйдик үөрэтэр. Кини этэрин өйдүүбүн. Суолга төһө кыалларынан хонтуруоллана сылдьыахтаахпын. Массыына түргэнигэр хааччахтааһыннары тутуһуохха наада. Утары массыыналар ардыгар поворотниктарын, фараларын холбооботох буолаллар. Онтон сылтаан ардыгар ыксаллаах түгэннэр баар буолаллар. Ити кутталлаах соҕус”, — диэн кэпсиир.
Наталья Ленских, бастатан туран, массыына туруга олох үчүгэй буолуохтааҕын бэлиэтиир. Кини этэринэн, туорумас, спидометр, уопсайынан техника хас биирдии чааһа барыта сүүс бырыһыан үлэлиэхтээх. “Туман кэмигэр саҥа үөрэнээччигэ, биллэн турар, ыарахаттардаах, кутталлаах да диэххэ сөп. Ити эрээри биир үчүгэйдээх – уопуттаах суоппардар бытааннык, балаһыанньаны барытын бэйэлэрин илиилэригэр тута сылдьаллар. Онон сэрэхтээхтик айанныыллар. Холобур, массыына иһиттэн таһырдьа көстүү “нулевой” буоллаҕына, саамай кыра түргэнинэн айанныахтааххын. “Противотуманка”, кэннинээҕи уот холбонуохтаах. Түргэнник көтүтэр, иннинээҕи массыынаны ситэ сатыыр наадата суох. Өскөтүн ити кэмҥэ ыксаллаах түгэн буоллаҕына, курсаан сатаан түргэнник быһаарыы ыларыгар бириэмэ тиийиэ суоҕун, ол түмүгэр олус хомолтолоох быһылаан тахсыан сөп”, — диир уопуттаах инструктор.
Кини этэринэн, сорох суоппардар наһаа ыксыыллар, хааччахтаммыт түргэни тутуспаттар. “Кинилэр эмиэ хаһан эрэ аан бастаан уруулу тутан суолга тахсыбыттарын олус түргэнник умналлар”, — диир уонна мичээрдээн кэбиһэр.
Хас биирдии курсаан – бэйэтэ “личность”. Туормаһы үктээ диэтэххэ – кутталыттан гааһы баттааччылар кытта баар буолуохтарын сөп. Ол иһин үөрэтиини бастаан автодромтан саҕалыыр ордугун этэр инструктор Валерий Федоров. Кини үлэлээбитэ 4-тэн тахса сыл уопуттаах. Бэйэтэ туспа ньымалардаах. Холобур, уруулу туттаҕына наһаа куттанар киһини, автодромҥа өр сырыттыннарбакка эрэ, улахан массыыналар айанныыр Чернышевскай уулуссатыгар таһаарыан сөп. “Оччоҕо курсаан кутталын сүтэрэр уонна массыынатын быдан “чувствуйдуур” буолар”, — диир кини. Кырдьык, оннук курдук.
“Суоппар теориянан быраабыланы барытын билэр. Ити эрээри суолга таҕыстаҕына ону тутуспат дьон үгүс. Дьиҥэр, саахал тахсыбатыгар, дьон олоҕор куттал суоһаабатыгар, киһи эчэйбэтигэр – саамай эппиэтинэһи суоппар сүгэр. Ону куруук өйдүөххэ наада. Ыксыыр куһаҕан, сүүстэ үөрэнэн баран, биирдэ суолга тахсыбыт ордук”, — диэн кини курсааннары үөрэтэр.
Суоппардары үөрэтэр киин ырыынакка үлэтин саҕалаабыта 10 сыл буолла. Методист Ньургуйаана Бояринова, эппитинэн барыта 17 инструктор үлэлиир. Саамай эдэрдэрэ — биир сыл, уопуттаахтара – 8 сыл. Сорохтор универсаллар, теорияны уонна практиканы тэҥинэн үөрэтэллэр. “Биһиги суоппардарбыт үлэҕэ киириэхтэрин иннинэ «автоинструктор» диэн анал кууруһу ааһаллар. Бары эппиэтинэстээхтэрин өйдүүллэр. Халлаан туруга үөрэтиигэ мэһэйдэри үөскэппэт. Кырдьык, быйыл ураты соҕус дьыл буолла. Наһаа туман түстэҕинэ, суолга тахсыбаппыт. Суолга сэрэхтээх буолуу — биһиги үлэбит саамай кылаабынай быраабылата”, — диэтэ кини.
Курсаан, инструктора быһаарыытынан, ГИБДД инспекторыгар эксээмэн туттарар. Үгүстэр бастакы холонууттан тургутугу ааһаллар. «Киһиттэн бэйэтиттэн олус элбэх тутулуктаах. Кини теорияны хайдах үөрэппититтэн, занятиеларга кыттыытыттан, көтүппэккэ дьарыктаныытыттан, инструктор этиитин толороруттан. Инструктордарбыт олус ирдэбиллээхтэр«, — диэн салгыы кэпсиир методист.
Кини этэринэн, массыына ыытарга үөрэниэн баҕалаах элбэх. Сыстыганнаах дьаҥынан биллэриллибит харантыынынан сибээстээн, киин тэйиччиттэн олорон үөрэтиини киллэрэн, улуустан үөрэнээччи элбээбит. Кинилэр теорияны дьиэлэриттэн олорон баһылаан баран, Дьокуускайга практикаҕа кэлэллэр. Тустаахтар маннык ньыма былааннаммыт олох тэтимин тохтоппотоҕун кэпсииллэр.
2020 сыллааҕы ситиһиилэринэн – автопааркаларын саҥардыбыттар итиэннэ Покровскайга улахан үөрэтэр киин тутан, үлэлэттилэр.
Муус устар 1 күнүттэн эксээмэни туттарыыга уларыйыылар киирэллэр. «Автодрома суох үргүлдьү суолга тахсыы» диэн этии эмиэ көрүллэр. Маннык түгэҥҥэ Саха сирин тыйыс айылҕатыгар суолга сэрэхтээх буолуу эппиэтинэһэ өссө күүстээх буолара ирдэнэригэр тиийэр. Бу туһунан ыйыталастыбыт.
— Тохсунньу ыйга автооскуолалар регионнар ыккардыларааҕы ассоциацияларын (МААШ) тэрийиитинэн вебинар буолбута. Манна муус устар 1 күнүттэн киириэхтээх уларыйыылар, ол иһигэр курсааннары үөрэтиигэ саҥа маршруттары бигэргэтии туһунан кэпсээбиттэрэ. Онно этиллибитинэн, теория эксээмэнэ хаалар хайдах баарынан. Онтон практикаҕа “автодром” хаалар эрээри, эрчиллиилэрэ аҕыйыыллар итиэннэ маршрут уларыйар диэн буолла. Ол эбэтэр курсаан автодромтан саҕалыыр уонна куоракка тахсар. Биир эксээмэн туттарар. Билиҥҥи курдук автодромҥа туспа эксээмэн диэн суох буолар. Бу өссө бигэргэнэ илик. Ырытыыга, дьүүллэһиигэ сылдьар. Суол инспекцията маршруту оҥорон, бигэргэтэн баран, биһиги онон үлэлиирбитигэр ыйыылары тиксэрэр. Олунньу бүтэһигэр – кулун тутар саҕаланыыта дьаһалы тутарбыт буолуо.
Сахалар техниканы “атах тардыстар” диэн ааттыыбыт. Ол аата күннээҕи олохпутугар туһанабыт. Онон түргэн тэтимнээх үйэҕэ массыына ыытыан баҕалаах киһи ахсаана элбии турар. Хомойуох иһин, “…совершил наезд на пешехода” эбэтэр «… в результате столкновения двух автомобилей…» диэн иһитиннэриилэр тахса тураллар. Онон үөрэнэр, суол быраабылаларын тутуһар хайаан да наада, олох – күндү!!!
Суолгут көнө, айаҥҥыт алгыстаах буоллун!!!
This post was published on 01.02.2021 10:02 10:02