Тулаайахтар сайыҥҥы лааҕырдара сабылынна

Борокуратуура бэрэбиэркэтин кэнниттэн Мохсоҕоллоохтооҕу оҕо дьиэтин иһинэн үлэлиир сайыҥҥы лааҕыр үлэтин тохтоттулар. Хаҥалас улууһун дьаһалтата буруйдаахтар эппиэккэ тардыллыахтарын туһунан этэр.


«Бастаан утаа быһыыны-майгыны сиһилии үөрэтиэхпит, ол кэнниттэн буруйдаахтары накаастыахпыт. Хамыыһыйа тэриллиэҕэ, тахсыбыт түмүккэ олоҕуран бүтэһиктээх быһаарыыны ылыахпыт», — диэн СИА-ҕа улуус баһылыга Гаврил Алексеев эттэ.

Баар кэһиилэри туоратыах иннинэ лааҕыр үлэлээбэт. Баһылык этэринэн, лааҕырга уопсайа 30 оҕо сылдьыбыт.

«Оҕолор күнүс сылдьаллара, онтон киэһэ өттүгэр оҕо дьиэтигэр төттөрү кэлэллэрэ», — диир Алексеев.

Бэрэбиэркэ түмүгэр лааҕырга баһаар буолар түбэлтэтигэр уоту умуруорар тэриллэр, баһаары биллэрэр сигнализация суохтара, ону таһынан ууну хааччыйыыга кэһиллии баара бэлиэтэммит. Ону таһынан медпуун суоҕа, аһы сөбө суохтук харайыы тэрилтэни сабыыга төрүөт буолбут.

Мохсоҕоллоохтооҕу оҕо дьиэтигэр административнай дьыала тэрилиннэ, борокуратуура буруйдаахтары эппиэккэ тардар туһунан улуус баһылыгын аатыгар докумуону киллэрдэ.

This post was published on 01.08.2016 16:27 16:27