Тулаайах оҕолорго путевка уонна айан ороскуота толуйуллар

Хаартыска: Саха сирэ саайт

СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, тулаайах оҕолорго эбэтэр төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолорго путевка уонна айан ороскуота толуйуллар, суруйда Саха сирэ саайт.

Кимнээххэ төлөнөрүй?

-Эппэкииннэргэ (попечителларга);

-оҕону иитэ ылбыт төрөппүттэргэ;

-патронатнай иитээччилэргэ;

-тулаайах оҕолор уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолорго (18-23 саастарыгар диэри).

Маннык өҥөнөн сылга биирдэ туһаналлар.

Интэриэһиргээбит ыйытыыларгытын  олорор сиргитинэн нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун уонна үлэ социальнай көмүскэлин управлениетыттан эбэтэр  8-800-100-0001 төлөпүөнүнэн туоһулаһыҥ.

This post was published on 20.06.2024 11:01 11:01