СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, тулаайах оҕолорго эбэтэр төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолорго путевка уонна айан ороскуота толуйуллар, суруйда Саха сирэ саайт.
Кимнээххэ төлөнөрүй?
-Эппэкииннэргэ (попечителларга);
-оҕону иитэ ылбыт төрөппүттэргэ;
-патронатнай иитээччилэргэ;
-тулаайах оҕолор уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолорго (18-23 саастарыгар диэри).
Маннык өҥөнөн сылга биирдэ туһаналлар.
Интэриэһиргээбит ыйытыыларгытын олорор сиргитинэн нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун уонна үлэ социальнай көмүскэлин управлениетыттан эбэтэр 8-800-100-0001 төлөпүөнүнэн туоһулаһыҥ.