Тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕоҕо көрүллэр дьиэ иэнигэр саҥа нуормалар олохтоноллорун туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга өрөспүүбүлүкэ парламеныгар ылыннылар. Бу туһунан СИА суруйар.
«Сокуон бырайыагынан саҥа нуормалар ылылыннылар: элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ көрүллэр дьиэ иэнэ 33-тэн 44 кв.м. диэри улаатта», — диэн эттэ дакылаатыгар үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччыта Елена Теплякова.
Сокуон бырайыагын ааптардара бэлиэтииллэринэн, СНиП социальнай дьиэн иэнин 28-тан 44 кв.м. диэри мэктиэлиир. Саҥа нуорма киллэриллибит төрүөтүнэн, өрөспүүбүлүкэҕэ саҥа тутуллар дьиэлэргэ биир хостоохторо сүрүннээн 38 кв.м. саҕаланар.
Маны сэргэ ылыллыбыт сокуон бырайыагар анал дьиэни наймылаһыыга биэстии сыл буола-буола төхтөрүйэн дуогабар түһэрсиэххэ сөп.
Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэртэн тулаайахтарга уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕоҕо бэриллэр олорор сир дьиэ уопсай иэниттэн 25%-тан элбиэ суохтаах. Ити эрээри бу манна 10 тыһ. киһиттэн аҕыйах ахсааннаах нэһилиэнньэлээх пууннар киирсибэттэр.
«Сокуон барылыгар толорор былаас уорганнарын боломуочуйалара киллэрилиннилэр. Социальнай дьиэни туттууга уонна харыстабыллаах сыһыаҥҥа хонтуруол чааһыгар», — диэн министиэристибэ бэпрэстэбиитэлэ эбэн эттэ.
This post was published on 27.02.2020 11:13 11:13