Эбээн Бытантай улууһун Түгэһиир нэһилиэгин олохтоох ыалыгар Эльза, Константин Гороховтар дьиэлэрин киэҥ уһаайбатыгар кулунчуктаах ыт оҕото бииргэ иитиллэн, киһи дьиибэргиэн иһин доҕордуу буолбуттарын туһунан «Бытантай уоттара» хаһыат телеграм-ханаалыгар таһаарбыт хаартыскалара үгүс дьон сэҥээриитин ылбыта.
Кулунчук уонна ыт доҕордуу буолалларын истэ, билэ илик киһи үгүс буолуо. Күрүө иһигэр иннэлээх сап курдук бииргэ батыаккалаһа сылдьаллар, биир иһиттэн аһаан, суулаһан утуйан, тэбэнэттэрэ киирдэҕинэ эккирэтиһэ оонньоон, сылайдахтарына оҕо-оҕо курдук утуйан ылаллар. Улахан тыастан-уустан куттаннахтарына душ күрүөтүн иһигэр саһаллара — бэйэтэ туспа көрүдьүөс көстүү.
Бу маны интэриэһиргээн, кэрэ кэпсээни өссө чиҥэтэн биэрэн, Кунфу уонна Эһэчээн диэн ааттаах доҕордуулар тустарынан хаһаайкалара Эльза Николаевнаттан сиһилии кэпсииригэр көрдөстүбүт.
«Сэлээбиргэ ыам ыйын бүтэһигэр биһиги ыалга 10 саастаах тураҕас биэ төрөөбүтэ. Биэ 3 хонон баран өлөн хаалбыта, оҕото атыыр кулунчук тулаайах хаалбыта. Горохов Прокопий Петрович бэйэлэрэ 3 биэлэрэ төрөөн баран өлөн, 4 кулунчук тулаайах хаалбыттара, көрөргө ыарахаттардаах буолан биһиги ыал кулунчукпутун Кустуурга аҕалбыттара. Кулуну Сергей Афанасьевич Аммосов кылгас бириэмэҕэ көрбүтэ-харайбыта уонна киһини тэбээри гынарыттан Кунфу диэн ааты биэрбитэ.
Биһиги Кустууртан водометунан бэс ыйын 16 күнүгэр Кунфубутун ылан Саккырыырга кэлбиппит. Айаны үчүгэйдик тулуйан, утуйан, 4 чаас айаннаан дьиэбитигэр аҕалбыппыт. Уонна аһатан, бүөбэйдээн көрө олоробут. Билигин Кунфу 4 ыйдаах.
Бу саас муус устар 18 күнүгэр ыппыт оҕото Эһэчээн төрөөбүтэ. Эһэчээн Кунфу айаннаан кэлбитигэр үөрбүтэ, доҕор оҥостубута. Бииргэ аһыыллар, мэниктииллэр уонна утуйаллар. Массыына тыаһыттан иккиэн душка (душ аана аһаҕас) сүүрэн батыакалаһан киирэллэр уонна онно өр соҕус саһан тураллар. Массыына тыаһа сүттэҕинэ иккиэн тахсан кэлэллэр, көрөн киһи күлэр да, аһынар да.
Кунфу ас көрдүүрүгэр айаҕын тыаһатар, тылын көрдөрөр уонна салбанар. Инньэ гынан этэҥҥэ бу көмүс күһүнү иккиэн көрүстүлэр. Өссө да бүөбэйдээн, көрөн-харайан кыһыны туоратар санаалаахпыт. Бу сайын кулунчукпутугар анаан от оттоон кээстибит. Эһиил Кунфу биир сааһын туоллаҕына Кустуурга Эмтээххэ босхо ыытан көрүөхпүт, иитиэхпит.
Кунфулаах Эһэчээн доҕордоһууларын көрөр наһаа интэриэһинэй. Бэйэ-бэйэлэригэр олус истиҥник сыһыаннаһаллар. Дьикти, кыыллар доҕордоһоллоруттан киһи сөҕөр уонна үөрэр», — диэн Эльза Николаевна сөҕөн-махтайан туран кэпсээтэ.
Сардаана Копырина
This post was published on 15.09.2023 17:03 17:03